Перейти к содержанию

Бэс ыйын 12-13 күннэригэр ыытыллыбыт “Айыы алгыстаах төлкөлөөх түһүлгэ” Чөркөөх ыһыаҕар күүс-көмө буолбут дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Көһөҥө Бүөтүр кыыһа Розалия Петровна, күтүөтэ Трофим Романович Докторовтар уонна кинилэр оҕолоро. Көһөҥө Бүөтүр уола Виталий Петрович Решетников кэргэнэ Варвара Федоровна Решетникова уонна кини оҕолоро. Көһөҥө Бүөтүр уола Геннадий Петрович Решетников кэргэнэ Мария Афанасьевна Решетникова уонна кинилэр оҕолоро. Көһөҥө Бүөтүр балтын Татьяна Егоровна уола Борис Николаевич Бехтюев дьиэ кэргэнэ, кийииттэрэ Полина Романовна Көһөҥө Бүөтүр эдьиийин …

“Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ.  

ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников – Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ.   Биирдиилээн. Кылаан кыайыылаах – Афанасий Попов (40 000 солк.), Таатта, Дьохсоҕон. 1 үрдэл – Дьячковскай Николай (20 000 солк), Чурапчы. 2 үрдэл – Лазарева Сусанна (15 …

Чөркөөхтөр ыһыахха бэлэмнэнэллэр.

Ыһыахха бэлэмнэнии тэтимнээхтик барар. Олохтоохтор күргүөмүнэн субуотунньукка тахсаллар. Араас тэрээһиннэргэ эдэрдиин-эмэнниин бары көхтөөхтүк кытталлар. Бу роликка үлэ быстар быһаҕаһа сырдатылынна.

Олоҥхо күрэһин бирииһин фондата 204 500 солкуобай.

Бэс ыйын 12 күнүгэр, 10:00 чаастан Чөркөөх түмэлигэр ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут  П.Е. Решетников – Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах  “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун!” аһаҕас олоҥхону толорооччулар күрэстэрэ буолар. Барыта 7 бөлөх уонна 14 биирдиилээн толорооччу кыттара былааннанар. Күрэс кыайыылаахтарын наҕараадалыырга биирстэри туруорбут Көһөҥө Бүөтүр …

Чөркөөхтөр сувенир оҥорорго ылсаллар.

2025 сылга Таатта улууһугар ыытыллар Манчаары ХХII оонньууларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн Октябрьскай нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыларыгар сувенир оҥорорго куонкурус биллэрбиппит. Манна олохтоохтор кыбытыылаах иннэлик уонна тыксаан оҥоруохтаахтар этэ. Иккитэ төхтөрүйэн кыбытыылаах тигиигэ маастар-кылаас ыыттыбыт. Куонкуруска барыта 12 үлэ киирдэ. Бу оҥоһуктары норуот айымньытын дьиэтэ атыылаһан ылан ыһыах ыалдьыттарыгар бэлэхтиир соруктаах. Бу курдук, нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрэ оҥорбут …

Дьөгүөр Большаков – Харачаас 95 сыла.

“1941-1945cc. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллээх, “Үлэ Албан аата” 1-2 степеннээх, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьаннар хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтининоруотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Егор Степанович Большаков – Харачаас бүгүн, бэс ыйын 9 күнүгэр 95 сыла. Чөркөөхтөөҕү библиотека матырыйаалын уонна Е.С.Большаков – Харачаас төрөппүт кыыһа Л.Е.Вырдылина хомуйбут ахтыыларын 2009 сыллаахха П.Ф.Татаринова бэчээттээбит матырыйаалларын эһиги болҕомтоҕутугар …

“Өбүгэ үгэһэ – күлүм түгэҥҥэ” куонкурус түмүгэ.

Саха бастакы идэтийбит худуоһунньуга, ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР народнай худуоһунньуга, этнограф, фотограф Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан “Өбүгэ үгэһэ – күлүм түгэҥҥэ” хаартыскаҕа түһэрээччилэр аһаҕас куонкурустарын түмүгэ. Кылаан кыайыылаах – Алена Андросова (Өлүөхүмэ улууһа) Улахан дьоҥҥо. Лауреат 1 ст. – Айталина Гоголева (Чөркөөх) Лауреат 2 ст. – Туярима Иванова (Ытык Күөл) Лауреат …

Ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр 95 сыла.

Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр 95 сылын туолар үбүлүөйдээх күнэ. 2010 сыллаахха П.В.Толстяков аатынан Чөркөөх норуодунай театырын бырайыагынан уһуллубут биэриини көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Чөркөөххө оҕо көмүскэлин күнэ.

Чөркөөххө Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах “Ойор-тэбэр оҕо сааһым” бырааһынньыктааҕы тэрээһин оскуола былаһааккатыгар буолла. Араас күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Оҕолор бары олус көхтөөхтүк кытыннылар. “Үҥкүүлээ.. ” К-рор Сover Dance үҥкүү конкурсугар бөлөҕүнэн толорууга кылаан кыайыылаах аатын 2-с кылааһы бүтэрбит кыргыттар ыллылар. 2500 солк. суммалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Кылаас салайааччыта В. В. Дьяконова. Биирдиилээн толорууга кылаан кыайыылааҕынан 4-с кылааһы бүтэрбит …

“Оһуор – мандар ойуулаах сахам таҥаһа” дьиэ-кэргэнинэн сахалыы таҥас күрэһин балаһыанньата.

Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Сиригэр оҕо саас, Таатта улууһугар эрэл, таптал, итэҕэл сылларыгар аналлаах улуустааҕы“Оһуор – мандар ойуулаах сахам таҥаһа” дьиэ-кэргэнинэн сахалыы таҥас күрэһин балаһыанньата. Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 13 күнэ, 2024 с. Буолар сирэ: Таатта улууһа, Чөркөөх с. П.Е.Решетников – Көһөҥө Бүөтүр аатынан культура уонна сынньалаҥ паарката. Буолар бириэмэтэ: күнүс 12.30 ч. Тэрийээччилэр: Н.Н.Туласынов аатынан …