Перейти к содержанию

Рубрика «Без рубрики»

Чөркөөх кэрэ аҥардара ситии хаталлар.

Чөркөөхтөр кэнники сылларга музейга ыһыахпытын тэрийэн кэллибит. Быйыл Ийэ олоҥхоһут П. Е. Решетников – Көһөҥө Бүөтүр аатынан сынньалаҥ пааркатыгар буолуохтаах. Онон сотору кэминэн пааркабытын сөхсүтэр үлэлэр ыытыллыахтара. Субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттыаххыт диэн эрэнэбит. Оттон бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр кэрэ аҥардар салама ситиитин хаттылар. Үлэ кэмин кэнниттэн 2 чаас устата 13 миэтирэ ситии хатылынна. Үлэттэн туора …

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ньургуһун күнүн көрсө, литературавед, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уос номоҕор киирбит “Ньургуһуннар” ырыа ааптара В.Н.Протодьяконов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Ньургуһун – таптал кэрэ, нарын тыына” аһаҕас ырыа конкурсун кыайыылаахтара.

Оҕолорго Кылаан кыайыылаах – Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 2 в кылааһын үөрэнээччилэрэ. (20 000 солк) 1 ст. Лауреат – Чөркөөх оскуолатын 5-с кылааһа. (5000 солк.) 2 ст. Лауреат – “Уолбан” ансамбль. Уолба. (4000 солк.) Оҕолор биирдиилээн толоруулара 1 ст Лауреат – Руслан Собакин. Уолба. (5000 солк.) 2 ст Лауреат – Саина Гоголева. Чөркөөх (3500 солк.) …

“Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун!”

“Айыы алгыстаах, төлкөлөөх түһүлгэ” Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгин ыһыаҕар Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  оҕо саас, Таатта улууһугар  таптал, эрэл, итэҕэл  сылларыгар, ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут  П.Е. Решетников – Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах  “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун!” аһаҕас олоҥхону толорооччулар күрэстэрин балаһыанньата. Буолар сирэ: …

Кус түүтүн бырахпакка эрэ киэргэл оҥостуохха сөп.

Сааскы кус булда үгэннээн турар кэмэ. Кэрэ аҥардар күн ахсын кус үргүүр түбүгэр сылдьар буолуохтаахтар. Кус түүтүн бырахпакка эрэ арааһы барытын оҥоруохха сөп. Наардаан, аттаран дьон мэтириэтин, паннолары оҥорон сөхтөрөллөр. Бу Дьиэбэгэнэ үрэх уобараһын киэргэлэ кус түүтүнэн оҥоһуллубута олус тупсаҕайдык көстөр. Маннык курдук арааһы бары оҥоруохха сөп.

Саха бастакы идэтийбит худуоһунньуга, ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР народнай худуоһунньуга, этнограф, фотограф Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан “Өбүгэ үгэһэ – күлүм түгэҥҥэ” хаартыскаҕа түһэрээччилэр аһаҕас куонкурустарын балаһыанньата.

Тэрийээччи: Таатта улууһун Чөркөөхтөөҕү Н.Н.Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ. Буолар күнэ-дьыла: Ыам ыйын 7 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри сайаапкалары тутабыт. Куонкурус түмүгэ бэс ыйын 12 күнүгэр 2024 тахсар. Куонкурус ирдэбилэ: Кыттааччылар:1 бөлөх – оскуола оҕолоро2 бөлөх – улахан дьон Кыттыы төлөбүрэ:Оҕолорго – 100 солк.Улахан дьоҥҥо – 200 солк.Төлөбүрү 89142996504 сбербанк онлайн ыытаҕыт. Чегын …