Чөркөөх эр дьоно субуотунньукка таҕыста.
Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр Чөркөөх эр дьоно федеральнай трасса кытыытыгар субуотунньуктаата, охтубут мастары ыраастаата.
МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДОМ НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ Н.Н. ТУЛАСЫНОВА" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ОКТЯБРЬСКИЙ НАСЛЕГ" ТАТТИНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)
Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр Чөркөөх эр дьоно федеральнай трасса кытыытыгар субуотунньуктаата, охтубут мастары ыраастаата.
Чөркөөх олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Гаврил Гаврильевич Вырдылин нэһилиэк сирдэрин ааттарын картаҕа киллэрэн үйэтиппит үтүө өҥөлөөх. Кини үлэтин үгүс киһи сэргиир. Бу күннэргэ Томпо Мэҥэ Алданыттан анал бөлөх тэриллэн кэлэн Гаврил Гаврильевичтан сүбэ-саргы ыллылар.
2025 сылга Таатта улууһугар ыытыллар Манчаары ХХII оонньууларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн Октябрьскай нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыларыгар сувенир оҥорорго куонкурус биллэриллибитэ. Куонкурус ирдэбилинэн хас биирдии түөлбэ 3 иннэлик уонна 3 тыксаан оҥоруохтаах. Бу куонкурска көмө буоллун диэн Н.Н.Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ П.Ф. Татаринова, Н.М.Сабарайкина кыбытыылаах тигиигэ маастар кылаас ыыттылар. Олохтоох библиотека кылаабынай библиотекара Т.А.Бодоготова кыбытыылаах …
Бөлөх салайааччыта Лилия Николаевна анал бирииһинэн наҕараадаланна. Сардааналарга улахан эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Инникитин да дууһаны үөрдэр, санааны сылаанньытар үҥкүүлэри дьоҥҥо-сэргэҕэ ууна туруҥ диэн баҕарабыт.
Н.Н.Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ дойду үрдүнэн ыытыллар акцияҕа кыттыһан федеральнай трасса кытыытыгар баар репрессия сиэртибэлэригэр анаммыт мэҥэ таас, Дьулуруйар Ньургун Боотур, “Оҕо куйуурдуу турара”, “Көтөрдөр мөккүөрдэрэ” пааматынньыктар тастарын ыраастаатылар. Инникитин айанньыттар бөҕү-сыыһы хаалларбаттарыгар ыҥырабыт.
Алексей Шеломов салайааччылаах “Кыталык” билсиһии кулууба үлэлээбитэ 15 сылынан муус устар 13 күнүгэр Чөркөөххө “Сүрэххинэн сөбүлэһэн, хараххынан хайҕаһан” суорумньу дьоро киэһэтэ тэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан суорумньуһуттар кэлэн дьоро киэһэ тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Ньурбаттан Сэргэ кыыһа Тускулаана, Уус Алдан Бороҕонуттан Людмила Бурцева – Күндүүнэ, Горнай Маҕараһыттан Альбина Султашева – Арчыына, Дьокуускайтан Маргарита Неустроева, Мэҥэ …
Бу дьыл кулун тутар 14 күнүттэн муус устар 7 күнүгэр диэри поэт, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Василий Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах “Эн кэрэҕин, поэзия!” куйаар ситимин нөҥүө хоһоон ааҕыытыгар уонна айыытыгар күрэс ыытылынна.Барыта 28 хоһоон ааҕылынна, 43 киһи кыттыыны ылла.Гран-при – Акулина Колмогорова. Дьохсоҕон.В.А. Алексеев хоһооннорун …
Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгин “Түһүлгэ” норуот айымньытын дьиэтэ бу күннэргэ “Чыыбы-чаабы чабырҕаҕы чахчы кырдьык диэхтиибит” чабырҕаҕы толорооччулар күөн-күрэстэрин куйаар ситимин нөҥүө тэрийэн ыытта. Манна Таатта Чөркөөҕүттэн Розалия Филатова салайааччылаах “Күбэйэ” бөлөх кылаан кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Бөлөх Мария Герасимова – Сэҥээрэ “Саха кыргыттара” чабырҕаҕын толордо.
🔔БИЛЛЭРИИ🔱🌿🌞🌿🌞🌿🌞Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, лиирик бэйиэт Василий Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 75 сылынан⚜️📖⚜️📖⚜️📖“Санаам курдук сайаҕастык…” ахтыы киэһэтигэр ыҥырабыт.🫶🫶🫶🫶🫶🫶Программаҕа: Буолар кэмэ: муус устар 16 күнэ, 15:00 чаастанБуолар сирэ: П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх оскуолата👬👬👭👫👫👫👫