Перейти к содержанию

Архивы автора

«История, культура пааматынньыктарын харыстыаҕыҥ» акция.

Н.Н.Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ дойду үрдүнэн ыытыллар акцияҕа кыттыһан федеральнай трасса кытыытыгар баар репрессия сиэртибэлэригэр анаммыт мэҥэ таас, Дьулуруйар Ньургун Боотур, «Оҕо куйуурдуу турара», «Көтөрдөр мөккүөрдэрэ» пааматынньыктар тастарын ыраастаатылар. Инникитин айанньыттар бөҕү-сыыһы хаалларбаттарыгар ыҥырабыт.

Чөркөөххө суорумньу киэһэтэ буолла.

Алексей Шеломов салайааччылаах “Кыталык” билсиһии кулууба үлэлээбитэ 15 сылынан муус устар 13 күнүгэр Чөркөөххө “Сүрэххинэн сөбүлэһэн, хараххынан хайҕаһан” суорумньу дьоро киэһэтэ тэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан суорумньуһуттар кэлэн дьоро киэһэ тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Ньурбаттан Сэргэ кыыһа Тускулаана, Уус Алдан Бороҕонуттан Людмила Бурцева – Күндүүнэ, Горнай Маҕараһыттан Альбина Султашева – Арчыына, Дьокуускайтан Маргарита Неустроева, Мэҥэ …

Василий Алексеев төрөөбүтэ 75 сылынан «Эн кэрэҕин, поэзия!» куонкурус түмүгэ.

Бу дьыл кулун тутар 14 күнүттэн муус устар 7 күнүгэр диэри поэт, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Василий Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах “Эн кэрэҕин, поэзия!” куйаар ситимин нөҥүө хоһоон ааҕыытыгар уонна айыытыгар күрэс ыытылынна.Барыта 28 хоһоон ааҕылынна, 43 киһи кыттыыны ылла.Гран-при – Акулина Колмогорова. Дьохсоҕон.В.А. Алексеев хоһооннорун …

Чабырҕаҕы толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн-күрэстэригэр «Күбэйэ» бөлөх кылаан кыайыылаах үрдүк аатын ылла.

Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгин «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтэ бу күннэргэ «Чыыбы-чаабы чабырҕаҕы чахчы кырдьык диэхтиибит» чабырҕаҕы толорооччулар күөн-күрэстэрин куйаар ситимин нөҥүө тэрийэн ыытта. Манна Таатта Чөркөөҕүттэн Розалия Филатова салайааччылаах «Күбэйэ» бөлөх кылаан кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Бөлөх Мария Герасимова — Сэҥээрэ «Саха кыргыттара» чабырҕаҕын толордо.

Василий Алексеев төрөөбүтэ 75 сылынан «Санаам курдук сайаҕастык… » ахтыы киэһэтигэр ыҥырабыт.

🔔БИЛЛЭРИИ🔱🌿🌞🌿🌞🌿🌞Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, лиирик бэйиэт Василий Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 75 сылынан⚜️📖⚜️📖⚜️📖“Санаам курдук сайаҕастык…” ахтыы киэһэтигэр ыҥырабыт.🫶🫶🫶🫶🫶🫶Программаҕа: Буолар кэмэ: муус устар 16 күнэ, 15:00 чаастанБуолар сирэ: П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх оскуолата👬👬👭👫👫👫👫