Кус түүтүн бырахпакка эрэ киэргэл оҥостуохха сөп.
Сааскы кус булда үгэннээн турар кэмэ. Кэрэ аҥардар күн ахсын кус үргүүр түбүгэр сылдьар буолуохтаахтар. Кус түүтүн бырахпакка эрэ арааһы барытын оҥоруохха сөп. Наардаан, аттаран дьон мэтириэтин, паннолары оҥорон сөхтөрөллөр. Бу Дьиэбэгэнэ үрэх уобараһын киэргэлэ кус түүтүнэн оҥоһуллубута олус тупсаҕайдык көстөр. Маннык курдук арааһы бары оҥоруохха сөп.