Перейти к содержанию

Архивы автора

Чөркөөхтөр сувенир оҥорорго ылсаллар.

2025 сылга Таатта улууһугар ыытыллар Манчаары ХХII оонньууларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн Октябрьскай нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыларыгар сувенир оҥорорго куонкурус биллэрбиппит. Манна олохтоохтор кыбытыылаах иннэлик уонна тыксаан оҥоруохтаахтар этэ. Иккитэ төхтөрүйэн кыбытыылаах тигиигэ маастар-кылаас ыыттыбыт. Куонкуруска барыта 12 үлэ киирдэ. Бу оҥоһуктары норуот айымньытын дьиэтэ атыылаһан ылан ыһыах ыалдьыттарыгар бэлэхтиир соруктаах. Бу курдук, нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрэ оҥорбут …

Дьөгүөр Большаков — Харачаас 95 сыла.

“1941-1945cc. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллээх, “Үлэ Албан аата” 1-2 степеннээх, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьаннар хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтининоруотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Егор Степанович Большаков – Харачаас бүгүн, бэс ыйын 9 күнүгэр 95 сыла. Чөркөөхтөөҕү библиотека матырыйаалын уонна Е.С.Большаков – Харачаас төрөппүт кыыһа Л.Е.Вырдылина хомуйбут ахтыыларын 2009 сыллаахха П.Ф.Татаринова бэчээттээбит матырыйаалларын эһиги болҕомтоҕутугар …

«Өбүгэ үгэһэ — күлүм түгэҥҥэ» куонкурус түмүгэ.

Саха бастакы идэтийбит худуоһунньуга, ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР народнай худуоһунньуга, этнограф, фотограф Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан “Өбүгэ үгэһэ — күлүм түгэҥҥэ” хаартыскаҕа түһэрээччилэр аһаҕас куонкурустарын түмүгэ. Кылаан кыайыылаах – Алена Андросова (Өлүөхүмэ улууһа) Улахан дьоҥҥо. Лауреат 1 ст. – Айталина Гоголева (Чөркөөх) Лауреат 2 ст. – Туярима Иванова (Ытык Күөл) Лауреат …

Ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр 95 сыла.

Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр 95 сылын туолар үбүлүөйдээх күнэ. 2010 сыллаахха П.В.Толстяков аатынан Чөркөөх норуодунай театырын бырайыагынан уһуллубут биэриини көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Чөркөөххө оҕо көмүскэлин күнэ.

Чөркөөххө Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах “Ойор-тэбэр оҕо сааһым” бырааһынньыктааҕы тэрээһин оскуола былаһааккатыгар буолла. Араас күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Оҕолор бары олус көхтөөхтүк кытыннылар. «Үҥкүүлээ.. » К-рор Сover Dance үҥкүү конкурсугар бөлөҕүнэн толорууга кылаан кыайыылаах аатын 2-с кылааһы бүтэрбит кыргыттар ыллылар. 2500 солк. суммалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Кылаас салайааччыта В. В. Дьяконова. Биирдиилээн толорууга кылаан кыайыылааҕынан 4-с кылааһы бүтэрбит …

“Оһуор — мандар ойуулаах сахам таҥаһа” дьиэ-кэргэнинэн сахалыы таҥас күрэһин балаһыанньата.

Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Сиригэр оҕо саас, Таатта улууһугар эрэл, таптал, итэҕэл сылларыгар аналлаах улуустааҕы“Оһуор — мандар ойуулаах сахам таҥаһа” дьиэ-кэргэнинэн сахалыы таҥас күрэһин балаһыанньата. Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 13 күнэ, 2024 с. Буолар сирэ: Таатта улууһа, Чөркөөх с. П.Е.Решетников – Көһөҥө Бүөтүр аатынан культура уонна сынньалаҥ паарката. Буолар бириэмэтэ: күнүс 12.30 ч. Тэрийээччилэр: Н.Н.Туласынов аатынан …

Чөркөөх кэрэ аҥардара ситии хаталлар.

Чөркөөхтөр кэнники сылларга музейга ыһыахпытын тэрийэн кэллибит. Быйыл Ийэ олоҥхоһут П. Е. Решетников — Көһөҥө Бүөтүр аатынан сынньалаҥ пааркатыгар буолуохтаах. Онон сотору кэминэн пааркабытын сөхсүтэр үлэлэр ыытыллыахтара. Субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттыаххыт диэн эрэнэбит. Оттон бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр кэрэ аҥардар салама ситиитин хаттылар. Үлэ кэмин кэнниттэн 2 чаас устата 13 миэтирэ ситии хатылынна. Үлэттэн туора …

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ньургуһун күнүн көрсө, литературавед, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уос номоҕор киирбит “Ньургуһуннар” ырыа ааптара В.Н.Протодьяконов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Ньургуһун – таптал кэрэ, нарын тыына” аһаҕас ырыа конкурсун кыайыылаахтара.

Оҕолорго Кылаан кыайыылаах – Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 2 в кылааһын үөрэнээччилэрэ. (20 000 солк) 1 ст. Лауреат – Чөркөөх оскуолатын 5-с кылааһа. (5000 солк.) 2 ст. Лауреат – “Уолбан” ансамбль. Уолба. (4000 солк.) Оҕолор биирдиилээн толоруулара 1 ст Лауреат – Руслан Собакин. Уолба. (5000 солк.) 2 ст Лауреат – Саина Гоголева. Чөркөөх (3500 солк.) …

“Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун!”

“Айыы алгыстаах, төлкөлөөх түһүлгэ” Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгин ыһыаҕар Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  оҕо саас, Таатта улууһугар  таптал, эрэл, итэҕэл  сылларыгар, ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут  П.Е. Решетников – Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах  “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун!” аһаҕас олоҥхону толорооччулар күрэстэрин балаһыанньата. Буолар сирэ: …