Перейти к содержанию

Архивы за месяц Ноябрь, 2024

Олоҥхо декадата

Сэтинньи 22 күнүгэр улууска Олоҥхо декадатын аһыллыытыгар кытынныбыт. Оҕолорго анаан ” Остуоруйа ыллыгынан” секцияҕа Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин остуоруйаны куукулалары хамсатан оонньуу тэрийдибит. 90-н тахса көрөөччүгэ үстэ көрдөрдүбүт. 1 улуустааҕы ” Оҕо – аймах оһуохайын төрүттүөҕүн” оһуохай күрэҕэр биһиги үөрэнээччибит Айхал Поисеев 2 миэстэни ситиһэн Өрөспүүбүлүкэҕэ күрэхтэһэр путевканы🌟🎉🙌🌞🌿🔔 тутта

Бу ый 15 күнүгэр Чөркөөхтөөҕү  П.А. Ойуунускай  аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр П.В.Толстяков аатынан норуот тыйаатыра төрүттэммитэ 35 сылыгар аналлаах  «Норуот айар аартыга- ааспыт, билиҥҥи, кэлэр кэмнэргэ» диэн быыстапка аһылынна. Норуот тыйаатыра төрүттэниитигэр  сабыдыаллаабыт дьон – норуот өйүгэр сөҥөн хаалбыт бэлиэ түгэни  И.Я. Жерготова дьоҥҥо тириэртэ, ол – 1924 с. Ойуунускай дойдутугар тахса сырыттаҕына биир дойдулаахтара «Манчаары» испиэктээҕи оонньоон көрдөрөн соһуппуттар, үөрдүбүттэр. …

Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Бары бииргэ” культурно-спортивнай күрэхтэһии нэһилиэкпит тэрилтэлэрин икки ардыларыгар бэрт көхтөөхтүк буолла Түһүмэх ахсын бииртэн биир булугас, сымса, күүс-уох ирдэнэр күрэхтэһии спортка көҕү уһугуннаран, бэрт сытыытык, орун- оннугар уонна кытаанах киирсиилээх буолан ” ыалдьааччылар” хамаандаларын туһугар турунуулара туспа интэриэһи көбүттэ. Түмүккэ олохтоох дьаһалта хамаандата 1, Музей 2, Оҕо уһуйаана+ МПЧ3 миэстэлэргэ таҕыстылар