Аҕа дойду сэриитигэр Улуу кыайыыны аҕалсыбыт, сырдык тыыннарын толук уурбут биир дойдулаахтарбыт кэриэстэригэр, Ветеран Сэбиэтин көҕүлээһининэн, олохтоох администрация тэрийэн Кыайыы 80 сылын көрсө 80 Үтүө дьыала акцията бүгүн алтынньы 2 күнүгэр буолла. Ол курдук Амматтан тыыннаах харыйалары аҕалан Кыайыы скверигэр сэрии кыттыылаахтарын оҕолоро, аймахтара күргүөмүнэн мустан олортулар. Хас биирдии харыйаҕа сэрии кыттыылааҕын аата суруллубут бирка кэтэрдиллэрэ былааннанар.