Перейти к содержанию

Көмүс күһүн 2024

Бу ый 20 күнүгэр Чөркөөххө көмүс күһүн көрсө атыы — эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Олохтоох нэһилиэнньэ ордор аһыттан ону тэҥэ анаан астаан бэлэмнээбит кэнсиэрбэлэммит салааттары,, сибэккилэрин, сибэкки сиэмэлэрин, айылҕа эмтээх үүнээйилэрин, араас минньигэс бурдук астарын атыылаатылар. Р.С.Сабарайкина, В.Д.Аржакова, Т.Л.Жерготова, СН.Толстоуховаатыылара хамаҕатык атыыланнылар. Тэрээһин сүрүн күүһүн оскуола оҕолорун дьаарбаҥката ылла. Атыылыыр прилавоктарын киэргэтии, ас суорда элбэҕэр күрэхтэстилэр. Дьаарбаҥка кэмигэр » Көмүс күһүн дорообо !» литературнай караокены библиотекарь Т.А.Бодоготова тэрийдэ. Бастыҥ хоһоону ааҕааччынан 8 кылаас үөрэнээччитэ Филатова Дайаана ааттанан Грамотанан, сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланна. Ырыа учуутала А.Ф.Решетникова салайар оҕолорун музыкальнай эҕэрдэ нүөмэрдэрэ көмүс күһүн кэрэтин бэлиэтээн ыллаан дьиэрэппиттэрэ туспа кэрэ түгэн буолла. Түмүккэ анал фотозонаҕа кылаастарынан өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүү тэрилиннэ. Хардарыта мэнэйдэһии, атыыһыттыыр дьоҕурга үөрэнии, онтон атыылаһааччыларга минньигэс ас кэһиилээх, элбэх төрөппүт кыттыылаах тэрээһин бэйэтин тула сэргэх кэпсэтиини- сэлэһиини, көрсүһүүнү үөскэттэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *