“1941-1945cc. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллээх, “Үлэ Албан аата” 1-2 степеннээх, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьаннар хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтининоруотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Егор Степанович Большаков – Харачаас бүгүн, бэс ыйын 9 күнүгэр 95 сыла.
Чөркөөхтөөҕү библиотека матырыйаалын уонна Е.С.Большаков – Харачаас төрөппүт кыыһа Л.Е.Вырдылина хомуйбут ахтыыларын 2009 сыллаахха П.Ф.Татаринова бэчээттээбит матырыйаалларын эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
Үлэтинэн холобур буолбута.
Ханнык да былаас туругуран турарыттан тутулуга суох ааттара ааттанар, кэриэстэнэр дьон хас нэһилиэк ахсын бааллара буолуо. Октябрьскай нэһилиэккэ биир оннук киһинэн үс орденнаах, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, чулуу бурдук үүннэрээччи, механизатор Егор Степанович Большаков буолар. Быйыл кини тереебутэ 80 сылын туолла.
Дьөгүөр ииппит аҕата Дьөгүөр Сиидэрэп (Молочукуун уола) «Бойобуой» колхуос төһүү үлэһитэ, тимир ууһа этэ. Онон Дьөгүөр оҕо сааһа уус кыһатын сыралҕаныгар өтүйэ, балта тыастарыгар доҕуһуолланан ааспыта. Аҕатыгар илии-атах буолан, эллэнэр тимир сытын-сымарын, майгытын билэ улааппыта. Ол уол инники дьылҕатын тимир (техниканы) кытта сөллүбэт гына ситимнээбитэ. Трактористар курстарын бүтэрэн, нэһилиэгэр биир бастакынан тимир көлө тэһиинин туппута. Маһынан оттуллан хаамар тыраахтартан саҕалаан К-700 тыраахтарга, «Енисей» комбайннарга тиийэ баһылаабыта. Баһылаабыта эрэ диир тутах.
Биллэрин курдук техникэ эрэ барыта биһиги уһун кыһыммыт тымныытын, сайыҥҥы өҥүрүк куйааһын тулуйбат. Олору уларытан, тупсаран оҥоруу мындыр өйү, дьоҕуру эрэйэрэ. Дьөгүөр манна мааһа табыллара, этэргэ дылы кэспит ходуһата этэ. Онон оройуоҥҥа биир бастакынан рационализатор аатын сүкпүтэ. Бэйэтэ тупсаран, айан оҥорбут от кэбиһэр комбайнынан хас да сыл оттоон, республикаҕа тиийэ ааттара ааттаммыта. Ол саҕана ходуһаҕа чахчы да дьон бастыҥнара бэйэ-бэйэлэрин көҕүтүһэн киирсибиттэр эбит. Манна киирбиттэр диэн тыл токур хотууру сүгэн киириини кэпсээбэт, толору механизациялаах звенолары тэринэн киириини этэр. Хатас диэки Исаков, Бүлүү эргин Павлов, кэлин Ойуунускай, Тааттаҕа Львов, Аммосов, Тихонов, Большаков аатыраллара. Звено хас биирдии үлэһитигэр 100-тэн тахсалыы тонна оту оттууллара. Кэлин техникэ кыаҕа улаатыытын суотугар бу көрдөрүү лаппа үрдээн барбыта. Оттон маны саҕалааччынан Дьөгүөрдээх этилэрэ.
Үлэ киһини киһи оҥорор диэн бэргэн этии баар. Улахан өйөбүлэ суох тулаайах кэриэтэ улааппыт уол үлэ бииртэн биир кирбиилэрин ылаттаан, Егор Степанович диэн ытыктабыллаахтык ааттанар киһи буолар. Ол тэҥэ араас общественнай эбилик үлэлэр, дьон-сэргэ итэҕэлин сүгүү олоҕун былаһын тухары аргыстаһаллар. Нэһилиэк, оройуон Сэбиэттэрин депутаттарынан талыллан үлэлиир. Коммунист аатын үрдүктүк тутан, хаста да райком, партком чилиэннэринэн быыбардаммыта. Партия уобаластааҕы ХХII-с конференциятыгар делегат буолан кыттар. Бу барыта сүрүн үлэтин таһынан. Оттон сүрүн үлэтигэр, сири кытта үлэҕэ, кини курдук таһаарыылаахтык үлэлээбит киһи биһиги эргин суох. Олохпут бүгүҥҥү туругунан торумнуур буоллахха, кини көрдөрүүлэрин ситэрбит уустук. Ол курдук, 1974-76 сыылларга 350 гектар бааһынаттан, гектар ахсыттан ортотунан 15,2-лии центнер бурдугу хомуйар, онтон 1984 сыллаахха Даайа Амматыгар 400 гектартан 15 центнер үүнүүнү ылары ситиһэр. Дьэ ити үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитин иһин Үлэ албан аата III-II-с степеннэрдээх уонна Үлэ Кыһыл Знамята орденнарынан наҕараадаламмыта, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ аат иҥэриллибитэ. Бу наҕараадалар төһө сыранан, төһө көлөһүн тохтон ситиһиллибитин сэрэйиэххэ эрэ сөп. Бу соҕотох киһи улэтин түмүгэ буолбатах, элбэх киһи үлэтин түмүгэ.
Дьону биир сыалга түмүү былыр-былыргыттан уустук, ыарахан үлэ буолара биллэр. Егор Степанович маны сатыыра, дьону кыайа-хото тутара. Хара күүһүнэн, модун куолаһынан буолбакка үлэҕэ дьулуурунан, сатабылынан. Киниэхэ бэрт элбэх киһи иитиллэн, такайыллан тахсыбыта. Үлэҕэ ииппит-үөрэппит наставникпыт этэ диэн махтана ахтар киһи билигин да элбэх. Егор Степанович олус туруору, сымныыр-налыйар диэни билбэт майгылаах этэ. Үлэттэн күрэнэ, көлбөрүтүнэ сатыыр дьону, эбэтэр олус кэтэхтэригэр охтубуттары сөбүлээбэт этэ. Сирэй-харах анньыһан, быһаарсан тэйэрэ. Ол иһин кини кыттыылаах мунньахтар сэргэхтик бараллара.
Киһи бу орто дойдуга төрөөн үлэни үлэлиэхтээх, үүнээйи үүннэриэхтээх, олоҕун салҕыыр ыччаты хаалларыахтаах. Оччоҕо киһи толору дьоллоох олоҕу олордо диэн өйдөбүл бары омуктарга баар. Егор Степановиһы кэриэстээн ааһар тэрээһиннэр бу сыл иһинэн буолуохтара, кэлэр сылга кэриэстэбил кинигэ тахсыаҕа.
Биһиги Дьөгүөрбүт 1950 сыллаахха Өктөм бааһынайын кыыһын Анфисаны кэргэн ылар. Аҕыс оҕону төрөтөн үлэһит, ыал оҥороллор. Улахан уол Иннокентий Егорович Москва куоракка олохсуйан олорор, инженер-механик идэлээх, массыына оҥорор собуот үлэһитэ, кэргэннээх, оҕолоох, сиэннээх.
Иккис уол Бүөккэ уола эмиэ Москва куоракка олорор, инженер-механик идэлээх, чааһынай фирмалаах. Атын оҕолор Чурапчынан, Чөркөөҕүнэн ыал буолан олороллор. Билигин Дьөгүөрдээх Анфиса олохторун салгыыр 24 сиэн, 8 хос сиэн улаатан, атахтарыгар туран эрэллэр. Сиэн кыыстара Альбина Егоровна тыа хаһаайыстыбатын министерствотын сүрүннүүр специалиһа, иккис үрдүк үөрэҕин бүтэрэн эрэр. Сиэннэрэ Николай Николаевич сотовай телефоҥҥа инженер-маастар, чааһынай тэрилтэлээх. Сиэн уол Иван Егорович инженер-механик идэлээх. Атын да сиэннэр атын үйэ майгытын батан, араас техническэй, гуманитарнай үөрэхтэрэ үөрэнэ сылдьаллар.
Егор Степанович үлэҕэ дьулуурунан, мындыр өйүнэн история кэрчик кэмигэр аатын-суолун суруйан хаалларбыт буоллаҕына, ону салгыыр ыччат үүнэн иһэриттэн үөрэбит уонна киэн туттабыт.
Роман Богатырев, үлэ бэтэрээнэ, Чөркөөх олохтооҕо.
Убайбын үтүө тылынан ахтабын.
Егор Степанович Большаковтуун бэрт чугас төрүттээхпит. Ол курдук, ийэлэрбит Сиэллээх нэһилиэгин төрүт-уус халыҥ аймах Сивцевтэр буолаллар. Ийэбитинэн эһэбит атаҕа суох Егор Сивцев диэн этэ. Кини уол оҕотугар улахан өлүүлээх, биир да уол ордубатах, бары өлөн испиттэр. Үс кыыс оҕо хаалбыт. Улахан кыыс Ульяна Егоровна Сивцева (Габышева) биир уоллаах. Уола Габышев Семен Константинович эмиэ атаҕа суох этэ. Кини биир кыыстаах. Галина Семеновна Габышева (Потапова) 2 уоллаах. Лука уонна Константин Боробулга олороллор. Сэмэн 69 сааһыгар өлбүтэ.
Иккис кыыс Сивцева Елена Егоровна (Большакова) Егор диэн биир уоллаах.
Үһүс кыыстан Сивцева (Тимофеева) Марина Егоровнаттан 3 уол хаалбыт. Петр Николаевич Тимофеев Амма улууһугар олорон 64 сааһыгар өлбүт, 10 оҕолоох. Иккис уол Макар Тимофеев (Степанов) Мэҥэ Алдаҥҥа олохсуйбута, 5 оҕолоох, 71 сааһыгар сылдьан олохон туораабыта. Мин Егор Тимофеев Чөркөөххө олоробун, 5 оҕолоохпун. Егор ийэтэ туспа. Кини Дэбдиргэ олохтооҕо Өлөксөй Захаров-Чыычаах Өлөксөй кыыһыттан Александра Алексеевна Захароваттан төрөөбүтэ, 8 оҕолоох. Елена Егоровна Сивцева 1927 сыллаахха Ханньастан төрүттээх Иннокентий Халгаев диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт эбит. Ол гынан баран, аҕата уола төрүөн иннинэ ыалдьан өлбүт. Өлөөнө 1928 сыллаахха Дьиэбэгэнэҕэ эһэтин сайылыгар Хоспохтооххо уол оҕону төрүүр, эһэтин аатынан Егор диэн ааттанар. Онтон биир сыл буолан баран Степан Большаков диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт, 1929 сыллаахха бэс ыйын 9 күнүгэр саахсаламмыттар уонна уолун төрөөбүт күнүн-сылын бу күнүнэн суруттарар. Онон убайбынаан биирдии сааспытын балыйтара сылдьабыт. Мин төгүрүк тулаайах буоламмын оскуолаҕа киириэхпэр диэри эдьиийбэр Өлөөнөҕө иитиллэ сылдьыбытым. Убайгыттан икки сыл балыскын диир этэ. Онон сэрэйэн 1931 сыл кулун тутар 15 күн диэн оскуолаҕа киирэрбэр суруттарбыппыт. Степан Большаковтуун аҕыйах сыл олорбуттара, Степан өлбүтэ. Ол сыл Чөркөөх киһитигэр биир кыыс оҕолоох огдообоҕо Егор Макарович Сидоровка кэргэн тахсан уһуннук бииргэ олорбуттара. Кыыһа Сидорова Анна Егоровна диэн эмиэ үөрэммэтэҕэ. Чычымахха Пантелеймон Аввакумов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан хас да оҕолонон баран 1996 сыллаахха өлбүт этэ. Колхозка илии араас үлэтигэр кыһыннары, сайыннары күүһэ кыайарынан үлэлээбитэ. Сэрии кэнниттэн 1945 сыллаахха Ытык Күөлгэ МТС-ка тыраахтар курсугар үөрэнэ барбыта. Клай Андреевич Константинов, Макар Константинович Степанов буоланнар. 1949 сыллаахха МТС сүнньүнэн хас да уолу биир сыллаах комбайнердар курстарыгар ыыппыттара. Тыараһа уола Василий Собакины-Баппат Баһылайы кытта Дьокуускайга барбыттара. Егор Степанович 1949 сыллаахха Хаҥалас Өктөмүгэр баран тыраахтарыыстаабыта, комбайнердаабыта. 1950 сыллаахха Өктөм олохтоох бааһынай кыыһын Анфиса Петровна Иванованы кэргэн ылбыта. 1952 сыл күнүгэр Чөркөөххө көһөн кэлбиттэрэ. Аара кэлэн иһэн биирин туолан эрэр кыыс оҕолоро эмискэ ыалдьан өлбүтэ.
Бастаан 75 ат күүстээх лакомобилга үлэлээбитэ, уот биэрэр, бурдук ыһар этилэр. 1958 сылтан саҕалаан ДТ-54 тыраахтарынан 4 хотууру холбонон от оҕустарбыта. Хотуурга олорооччулар Василий Терентьевич Халгаев, Семен Алексеевич Герасимов, Макар Константинович Степанов, Егор Николаевич Тимофеев буолан үлэлээбиппит. Ол саас, 1958 сыл муус устар ыйга 0,60 сантиметр диаметрдаах циркулярнай эрбиини оҥорбута. МТЗ-50 тыраахтарынан генератор чиэрэс щиттээх этэ. Окко киириэххэ диэри сайылык алаастарынан сылдьан 400-кэ куб. саһааны эрбээн туруорбуппут.
1955-1960 сылларга Петр Егорович Неустроев бэрэссэдээтэллээх Ленин колхозка бырабылыанньа, партком чилиэннэринэн талыллан бары үлэҕэ барытыгар тыраахтарыыһынан, комбайнерунан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Онон үчүгэй үлэһит буолан колхоз бырабылыанньатын уурааҕынан тутуу биригээдэтэ саҥа 8х12-лээх дьиэни тутан биэрбитэ. «Коммунизм» совхоз Иван Васильевич Николаев директордаах Чөркөөхтөөҕү отделениеҕэ өр кэмҥэ механигынан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1968 сыллаахха «Коммунизм» совхоз солбуйар директора Кирилл Ильич Скрябин салайааччылаах механизатордар делегациялара Үөһэ Бүлүүнэн, Ньурбанан, Мирнэйинэн сылдьан саҥа оҥоһуктары көрөн опыт атастаһан кэлбиттэрэ. Онно Чымынаайыттан Николай Иовлев, Виктор Слепцов, Харбалаахтан Агит Дарбасов, Чөркөөхтөн Егор Большаков уонна мин сылдьыбыппыт. Үөһэ-Бүлүүгэ Ороһуга аатырбыт рационализатор, тыраахтарыыс-комбайнер Спиридон Степанович Павловка анаан-минээн сылдьыбыппыт, оҥоһуктарын көрбүппүт. От субурҕатыттан подборщигынан эриттэрэн оту кэбиһэр (стогообразователь) стоговоз оҥорбут этэ. Ону ДТ-75 тыраахтар соһор этэ. 1 тыраахтарыыс, 2 от үрдүгэр турааччы үлэлиир эбит этэ.
Чөркөөххө кэлэн баран Егор Степанович, ааттаах тимир ууһа Николай Афанасьевич Ефремов – Табытал Уус уонна мин буолан бэйэтэ хааман субууттан оту кэбиһэр техниканы тупсаран оҥорбуппут. Эргэ комбайн мотуорунан, рулевойунан, ходобуойунан, вариаторын тупсаран, көлүөһэлэрин, транспортерун олордон 18 ц. от киирэр буолар. Күрүөлээн инниттэн гидравликатын анньар гына халҕаннаах оҥоһуллубута. Күҥҥэ 6-7 оту кэбиһэрэ. Саҥа оҥоһук буолан уонна үчүгэй матырыйаал, чаас суох буолан наһаа алдьанар этэ. 1965 сыл саас МТЗ-5 тыраахтар кэлин көлүөһэтин оннугар ДТ-54 гусеницатын тупсаран олордубута, син бэрт этэ. Онон Егор Степанович тыа хаһаайыстыбатыгар илии үлэтин чэпчэтиигэ араас саҥа рационализаторскай этиилэри киллэрбит, оҥорбут киһинэн оройуоҥҥа, республикаҕа биллэр. От үлэтин толору механизациялааһыҥҥа элбэх сыратын биэрэн хас да сыл нэһилиэккэ, оройуоҥҥа бастаталаабыта. Онтон туорахтаах культураны ыһыыга өр сылларга оройуҥҥа бастыыр гына бурдук өлгөм үүнүтүн ылары ситиспитэ. Кини курдук сири үчүгэйдик оҥорор, бириэмэтин таба туһанан бурдугу ыһан өлгөм үүнүүнү ылбыт механизатор бүтүн Таатта оройуонугар Егор Степанович Большаков буолар уонна Боробултан Михаил Тихонов – Эстэр Мэхээлэ диэн баара.
Ахтыыны суруйда Чөркөөх төрүт олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, рационализатор-тракторист, 79 саастаах Егор Николаевич Тимофеев. 8/Х-2009с.
Үлэ ииппит киһитэ
Егор Степанович Большаков олоҕо, кини эдэр киһи буоларын быһыытынан, ыччат дьон олоҕуттан соччо уратыта суох.
Егор оскуолаҕа сылдьан шофердары уонна трактористары ордугургуу саныыра, «кинилэр курдук буолбут киһи» диэн ымсыырара. Уруккуттан умсугуйар үлэтигэр түбэһэн, курска сылдьан, трактор уустук чаастарын эндэппэккэ билэр уонна сатаан салайар буола үөрэммитэ.
Колхозка таҕыстаҕын саас уонна ол сайын Егор Наумович Борисов диэн опыттаах тракториска сменщигинэн ананан үлэлээбитэ. Сменатын норматын куруутун толорор, итиэннэ аһары толорор буолан, станция дирекцията киниэхэ туһунан тракторы биэриэххэ диэн көлүөһэлээх тракторы туттарбыта. Ити тракторынан 1949 сылга диэри Тыараһанан, Чөркөөҕүнэн (оччотооҕуга тус-туһунан колхозтар этилэр) сылдьан үлэлээбитэ.
«Дьоҕурдаах тракторист, онон комбайнер идэтин да баһылыа» диэн Егор Большакову МТС дирекцията 1949 сыл тохсунньутугар Якутскай куоракка комбайнердар алта ыйдаах курстарыгар ыыппыта. Сыл аҥара үөрэммитин кэннэ, кинини Орджоникидзевскай оройуон Өктөмнөөҕү массыына-трактор станциятыгар командировкалыыллар. Ити станцияҕа 1952 сылга диэри үлэлээбитэ. Сезон аайы былааннаах сорудаҕы аһары толорон эбии төлөбүргэ төһө эмэ элбэх бурдугу уонна дохуоту ылара.
Таатта МТС-гар эргиллэн кэлээт эмиэ ХТЗ тракторы туппута. Биллэрин курдук, 1953 сыллаахха партия Киин Комитетын балаҕан ыйынааҕы Пленума тыа хаһаайыстыбатын тосту сайыннарар туһунан киэҥ уурааҕы ылыммыта. Тыа хаһаайыстыбатын производствотын сайдыытыгар МТС-тар сүрүн күүс буолалларыгар, урукку курдук аҥардас туорахтаах культураны, хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын үүннэриигэ эрэ көмөлөөх буолбакка, аны сүөһү иитиитин сайыннарыыга сүрүн күүс буолалларыгар ыйбыта.
Балаҕан ыйынааҕы Пленум уураахтарын Егор Большаков итии биһирэбилинэн көрсүбүтэ, бэйэтигэр үрдэтиллибит эбэһээтилистибэни ылыммыта. 1954 сыллааҕы сайын 3 от охсор массыынаны состорон 600 гектар ходуһаны оҕустарбыта. Ити сыллааҕы үрдүк көрдөрүүтүн иһин колхоз бырабылыанньата эдэр тракториска махтал суругу туттарбыта.
Нөҥүө сайын, 1955 сыллаахха, эмиэ 600 гектар ходуһаны оҕустаран ааспыт дьыллааҕы көрдөрүүтүн бигэргэппитэ. Ити сыллааҕы сезоҥҥа тракторнай үлэ былаанын 183,2 бырыһыан толорон комсомол оройуоннааҕы комитетыттан хайҕал илииһин уонна колхоз бырабылыанньатыттан махтал суругу ылбыта. Үлэһиттэр депутаттарын Таатта оройуонунааҕы Советын исполкома бастыҥ тракториһы Бочуот оройуоннааҕы дуоскатыгар таһаарбыта.
1956 сыллаахха сайын эмиэ 3 охсор массыынаны состорон от охсуутугар сылдьыбыта, үлэ тэрээһинин тупсаран, ходуһалары билэр буолан, үлэ маршрутун таба оӨостон, ити сайын 827 гектар ходуһаны оҕустарбыта. Ити сыл кини СХТЗ тракторынан сымнаҕас хорутууга таһаардахха 363 гектары оҥорон Тыа хаһаайыстыбатын оройуоннааҕы выставкатыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ.
Үлэҕэ сыһыаннаһыы үтүө холобурун көрдөрбүт эдэр тракториһы 1957 сыллаахха Советскай Союз Коммунистическай партиятыгар чилиэнинэн ылбыттара. Эдэр коммунист ити сыл трактор саҥа маркатын – ДТ-54 тракторы баһылаабыта уонна колхоз Амматааҕы учаастагар 152 гектардаах сири Иван Гаврильевич Оконешниковтыын икки тракторынан солоон, ыһыллар гына оҥорон биэрбиттэрэ. Ити көрдөрүүтүн иһин комсомол Саха уобаластааҕы комитета Егор Большакову Бочуотунай грамотанан, оттон ССРС Тыатын хаһаайыстыбатын министерствота «Тыа хаһаайыстыбатын социалистическай куоталаһыыга туйгуна» диэн значогунан наҕараадалаабыттара.
Механизатор Егор Большаков урукку сыллардааҕы үлэтин туһунан кылгастык кэпсээтэххэ итинник. Көстөрүн курдук, Егор Большаков тракторист идэтин сыыйа баһылаан, опытыран үлэҕэ үрдүк көрдөрүүнү улам ситиһэн испитэ. Онон ааспыт 1958 сыллааҕы уһулуччулаах ситиһиитэ түбэспиччэ түбэлтэ буолбатаҕа, өр сыллаах үлэ устатыгар уһаарыллыбыт.
Саҥа уларыйыылар үлэҕэ саҥа сыһыаннаһыыны эрэйэллэр
1958 сыллаахха партия Киин Комитета дойду тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин иннилэригэр саҥа соругу туруорбута: колхозтар хонууларыгар икки хаһаайыны суох гынар наадатыгар массыына-трактор станциялары ремоннуур-техническэй станцияларга уларыта тутан, МТС-ка баар баай техниканы колхозтарга атыылыырга быһаарбыта. Таатта оройуонун колхозтара РТС-тан трактордары уонна холбонор массыыналары атыыласпыттара. Ол курдук Ленин аатынан колхоз трактордары уонна да атын техниканы атыыласпыта. Егор Большаков итинэн сибээстээн Ленин аатынан колхозка чилиэнинэн киирбитэ.
Артыал бырабылыанньата Егор Степановиһы үөрүүнэн көрсүбүтэ: туох баар наадатын толору хааччыйбыта, 12 м усталаах, 8 м туоралаах саҥа дьиэни тутан биэрбитэ.
Колхозка кэлээт Егор Степанович хара маҥнайгы күнүттэн үрдүк таһаарыылаах үлэ холобурун көрдөрбүтэ. Ол курдук саас 187 гектардаах бааһынаны культивациялаан, барамньылаан бурдук ыстарбыта уонна хотуоктаабыта. Кини ыстарбыт 142 гектардаах бааһынатыттан ортотунан 12-лии центнер бурдук кэлбитэ.
Бурдук ыһыытын кэнниттэн кини хортуоппуй олордуутугар, эрдэтээҕи пары хорутууга үлэлээн окко киириэххэ диэри сымнаҕас хорутууга таһаардахха 723, 89 гектары оҥорбута.
Былырыын сайын урукку дьыллардааҕар ураты сайын этэ. Ардахтаах буолан от олус хойутаан үүммүтэ. От хагдарыйыан иннинэ өрүсүһэн оттуурга, колхозка баар техниканы бука-барытын таба туһанарга сорук туруорунан, Ленин аатынан колхоз бырабылыанньата икки тракторнай агрегаты от хомууругар туруорарга быһаарыммыта.
Агрегат охсооччулара бэйэлэрэ туспа балааккалаахтар. Ол балааккаларын илдьэ сылдьан киэһэ 10 чаас ааһыыта ханна тохтоотулар да онно тардынан хоноллор. Сарсыарда 5 чааска туран 6-ҕа диэри аһаан-сиэн баран, массыыналарын көрөллөр-харайаллар, уматык кутталлар.
Сайын устатын тухары үлэ хайдах эриэ-дэхситик барыай, охсор массыыналар күүстээх үлэни тулуйбакка алдьанар түбэлтэлэрэ баар буолара. Сорох ардыгар охсор массыына штангата эбэтэр эксцентрик вала тоһуннаҕына Чөркөөххө мотоциклынан илдьэн оҥоттороллоро. Колхоз ууһа К.Местников, кэлбит сакааһы толорон баран ходуһаҕа киирсэн, иитэн биэрэрэ.
Хас биирдии охсор массыынаҕа иккилии саппаас быһах баар. Биирдэрэ сыппаатаҕына иккиһин иитэн баран бэйэлэрэ сытыылаан, солбуһуннара үлэлэтэллэр. Инньэ гынан охсор массыыналар тохтобула суох үлэлииллэр.
Итиниэхэ 30 гектары тракторынан оҕустарыыга барыта 23,75 үлэ күнэ ороскуоттаммыта. Итиччэ гектары, уруккута эбитэ буоллар, 60 үчүгэй охсооччу хотуурунан биир күнү быһа охсуох этэ. Оччоҕо итинэн 105 үлэ күнэ ороскуоттаныах этэ. Онон механизатордар күнүн аайы 81,25 үлэ күнэ кэмчилэнэрин ситиспиттэрэ. Бу үлэ оҥорумтуотун тосту үрдэтии үтүө холобурунан буолбута.
Агрегат дьоно аҥардас оту эрэ охсуунан муҥурдамматахтара. «Беларусь» тракторга 6 м кэтиттик ылар икки көлө тардар кыраабылын холбоон от мустарбыттара. Тракторга комсомолец Г. Харлампьев үлэлээбитэ, киниэхэ прицепщигинэн Иннокентий Павлов сылдьыбыта. Кинилэр от охсооччулары адьас тилэх баттаһан испиттэрэ. Куннээ5и нуормалара 25-тии гектар этэ. Ону кинилэр ыраа5ынан аһары толорбуттара.
Кыраабыл кэнниттэн субуу отун 4 волокушанан утары кэбиһэн испиттэрэ. Биирдии волокушаҕа 6 киһи, 3 ат сыһыарыллыбыта. Кинилэр 4 аҥы сиргэ кэбиһэллэрэ. Биирдии волокушаҕа күҥҥэ ортотунан 17-18 тонна оту кэбиһэрэ.
Социалистическайдыы куоталаһыыга кыайыылааҕынан тахсан Большаков агрегата хас декада түмүгүн аайы 350 солкуобай харчынан бириэмийэлэммитэ уонна Кыһыл вымпелы ылан баран сезон устата ыһыктыбатаҕа. Һлэһиттэр депутаттарын оройуоннааҕы Советын исполкома бастыҥ агрегаты Бочуот оройуоннааҕы дуоскатыгар таһаарбыта.
Ити курдук үлэлээн Егор Большаков кылгас болдьох иһигэр 1 528 гектар сири оҕустаран 1 854 тонна оту ылары ситиспитэ. Итинэн кини колхоз атыыласпыт техниката саҥа усулуобуйаҕа үлэ оҥорон таһаарыытын лаппа үрдэппитин уонна инники да өттүгэр лаппа улаатыннарыан сөбүн дакаастаабыта.
Советскай Союз Коммунистическай партиятын Саха АССР Министирдэрин Совета Егор Степанович Большакову уонна кини агрегатын чилиэннэрин от хомуурун кэмигэр ситиһиллибит уһулуччулаах үрдүк производственнай кыайыынан эҕэрдэлээбиттэрэ.
Чулуу тракторист Е. С. Большаков холобурун батыһан Ленин аатынан колхоз иккис тракторнай агрегата атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри 1012 гектар сири оҕустаран, сорудаҕын 112 гектарынан куоһарбыта. Бу агрегаты тракторист П. С. Толстяков салайбыта. Кини эмиэ ДТ-54 тракторга 4 охсор массыынаны холбонон үлэлээбитэ.
Тракторнай агрегаттар үрдүк оӨорумтуолаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэр, Ленин аатынан колхоз 6 451 гектар оннугар 7 777 гектар ходуһаны оҕустарары ситиспитэ уонна 9 335 тонна үчүгэй хаачыстыбалаах оту, 1 355 тонна сиилэһи бэлэмнээбитэ. Инньэ гынан колхоз сүөһүтэ кыстыыр аһылыгынан дэлэгэйдик хааччыллыбыта. Ол эбэтэр 1957 сыллаахха хас биирдии ыанар ынахха ортотунан 25-тии центнер от тиксибит эбит буоллаҕына, оттон племенной ферма ынахтарыгар 30-туу центнер от тиксибитэ. Урукку сыллардааҕар сүөһүгэ бурдук тиксиитэ балтараа төгүл улааппыта, эбэтэр биирдии ыанар ынахха 2,5 ц. бурдук бэриллибитэ. Итиниэхэ эбии төһө эмэ бурдугу күөхтүү охсон аһаппыттара. Ынаҕы хатаҕалаан аһатыы куһаҕана суох түмүгү биэрбитэ: колхоз үрдүнэн 1958 сыл хас биирдии фуражнай ынахтан ортотунан 1.208 кг үүтү ыабыттара, Артыал сүөһүлэрэ ааспыт кыһын хайа да дьыллааҕар тоттук уонна сылаастык кыстаабыттара.
От охсуутун кэнниттэн Егор Большаков тракторын техническэй көрүүгэ-харайыыга баара-суоҕа үс эрэ хонукка туруорбута: онно поршневой биһилэхтэри уларыппыта, подшипниктары регулировкалаабыта, убаҕас уматык сүүрэр турбаларын ыраастаабыта, фильтрдэрин уларыппыта.
Техническэй көрүү-харайыы кэнниттэн күһүҥҥү хадьымалы хорутууга киириэн иннинэ Е. Большаков 300 гектар бааһынаны хоруттарыам диэн эбэһээтилистибэ ылыммыта уонна 21 хонукка, күнүн аайы 12-лии чаас үлэлээн, 310 гектар хадьымалы хоруттарбыта.
Ааспыт сылга сымнаҕас хорутууга таһаардахха 1 511 гектар сири оҥорон уонна 3.268 кг уматыгы кэмчилээн, Е.Большаков Таатта оройуонугар эрэ буолбакка, республика үрдүнэн бастаан тахсыбыта.
Ити үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитин иһин Е.С.Большаков Саха АССР Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын уонна Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин профессиональнай союзтарын Саха уобаластааҕы комитетын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Ааспыт сыл устата колхозка Егор Степанович бэйэтин тракторынан 1454, 49 үлэ күнүн оҥордо. Онуоха биирдии үлэ күнүгэр 4-түү солкуобай харчыны аахсан, 5 813 солкуобай 96 харчыны ылбыта. Онуоха эбии сменатааҕы нуорматын аһара толорбутугар күнүн аайы 3-түү солкуобай ааҕылллан испитэ, онон 4 363 солкуобай 47 харчыны өссө эбии ылбыта. Эбэтэр барыта 10 177 солкуобай 43 харчыны аахсыбыта. Итини таһынан 64,8 кг арыыны, 7,46 сыаны, 86,2 кг эти ылбыта.
Ф.С.Донской. «Семилетка геройдара» брошюра, 1959с.
ТЕХНИКА ТЭҺИИНИН ТУППУТТАР
Сураһан, сураһан… Николай Львов уонна Егор Большаков. Бу дьоһун үлэһит дьон ааттарын механизация туһа, от хомуура буоллун да уостан түһэрбэт, мэлдьи ахтыһар буоллубут. Онуоха «буруйдаахтар» бэйэлэрэ буоллаҕа дии… Быйылгы дьылга от хомууругар куоталаһыы былааҕын Николай Львов салайар звенота тэлээрдэр. Ону бастакылартан биир өйөөччүлэринэн Егор Большаков звенота буолла. Звено эмиэ Львов звенотун курдук тоҕус киһилээх. Эмиэ биир оччо техникалаах. Дьэ, этэргэ дылы тэгил дойдуттан тэҥнээхтэр булустулар, биир тэҥ хардыылаахтар, олуктаахтар куоталаһаллар.
Егор Большаков звенота хас биирдии киһи баһыгар 110 тонна бастыҥ хаачыстыбалаах оту бэлэмниир эбэһээтилистибэлээх. Ол аата аны күһүн колхозтарыгар 990 тонна оту оттоон туттарыахтаахтар. Оттон Львов республикаҕа саамай үрдүк көрдөрүүнү ситиһиэхтээх – 135-тии тонна!
Звено ханна баарын сураһан-сураһан, ыйдарыы бөҕөнөн булабыт. Ыйааччы дьоммут кырдьыгы эппиттэр. Кинилэр бу курдук эппиттэрэ.
– Чэ, ыйдыбыт. Булаҕыт дуу, суох дуу? Бүгүн манна, сарсын онно, хайа эмэ алааска булуохтара.
– Бэйэбит да ыйдаран булабыт. Дьэ, көрдөөһүннээх дьоннор диэтэҕиҥ.
Большаковтаах охсор, мунньар, кэбиһэр сирдэрэ кэбэҕэстик бүтэ охсор, ол аайы көһүү буолар. Ол бүтэрэ охсоллоро-кинилэр хайа да сири бүтэрэ, «сайылыы» охсоллоро түргэнэ бэрдиттэн эбит. Күн аайы 40-45 гектар сири хомуйуу, кырдьык да мээлэнэн буолбатах. Ол иһин көһүүлээх, сиртэн сиргэ уларыйыылаах.
Айаннаан истэххэ, ыраас суоллаах-иистээх отчуттар сылдьыбыт сирдэрэ бэлиэ. Сорохтор этэллэринэн техника оту олус хаалларар диэн буолар. Ити этии олоҕо суоҕун биһиги көрөн итэҕэйдибит. Хаалыахтаах сир хаалбыт, олус эрэйдээх өртө быраҕыллыбыт.
Ыйдаран, сураһан хас да сайылыгы аастыбыт. Ол быыһыгар саха народнай суруйааччыта Суорун Омоллоон төрөөбүт-үөскээбит балаҕаныгар сылдьан, олус үөрдүбүт-көттүбүт. Дьэ, мааны сайылык. Ол иһин суруйааччы бу курдук туойбуттаах эбит.
Туналҕаннаах ньуурдаах
Тунал маҕан хочоҕор
Сүһүөхтүүн долгуйар,
Сүгүрүйэ нуорайар
Сүмэ күөх оттооххун,
Долгун курдук
Толбоннура тохтор,
Торолуйа тупсубут
Торҕо-хампа сирэмнээххин…
Чөркөөхтөн Игидэйдиир суолга барбахтаабыт кэннэ Сыгынахтаах диэн дьоҕус алаас баар. Биһиги Большаковтааҕы ол алааска булабыт. Алаас тулата лиҥкир тыа. Тыа саҕатыгар турар ампаар аттыттан буруо унаарар.
Дьоммут чэйдэрэ. Биһи тупсуохпут иһин дьоммут бары бааллар. Арай, Дьөгүөрдэрэ суох. Көрдөхпүтүнэ-ходуһаҕа сылдьар. Оҕустарааччылар Михаил Жегусов уонна Петр Полускин бүгүн дьонноругар сыстыбыт, чугаһаабыт күннэрэ эбит. Уолаттар бастаан үөлээннээхтэрин Львову, Моттуевы, Осиповы сураһаллар. Осипов 130 тонна, Львов 117 тонна (от ыйын 15 күнүнээҕи түмүк) оттоммуттарын иһитиннэрэбит. Балтараа декадатааҕы түмүгүнэн бэйэлэрэ бастаабыттарын истэн, саҥата суох бараллар. Үөрбүттэрин-хомойбуттарын биллэрбэт дьон буолан биэрдилэр. От үрдүгэр турааччы түсчүт Софрон Харлампьев режимнэрин, үлэ бэрээдэгин туһунан сураспыппытыгар хардата маннык буолла.
– Сарсыарда 6 саҕана турабыт. Арыт үлэбитигэр үтүрүттэрэн күҥҥэ биирдэ чэйдээн да сырыттахпытына көҥүл. Ходуһабыт көһүүтэ бэрт. Уулаах, бадарааннаах сиргэ эмиэ тардыллабыт. Сарсыарда өртүгэр техниканы көрүнэллэр.
Сорох күн түүн 24 чаас саҕана да ходуһаттан таҕыстахпытына боруок суох. Холобура, бэҕэһээ оннук буолла (от ыйын 17 күнэ буолар түүнэ), диэн кэпсэтиигэ кыттар волокушаһыт Петр Борисов. Уопсайынан киэһэтин хойутуубут. Ону барытын сирбит-уоппут быһаарар, быһата ходуһа тугу дииринэн сылдьар дьоммут.
Кэпсэтиибит саҥа табыллан, кэҥээн-уһаан иһиитэ ходуһаттан Дьөгүөр дьэ, тахсар. Кини бу иннинэ оҕустарааччы уолаттарыгар көмөлөһө сылдьыбыт. Уолаттар трактордарын «эбиэттэтэ» уонна дьоннорун кытта «саатар биирдэ бэйэлэрэ да чэйдэһэ» кэлэ сылдьаллар эбит. Оҕустарар сирдэрэ оннук чугаһаан биэрбит.
Кэпсэтии үлэ хайдах баран иһэригэр, кэлэр өттүгэр хайдах буолуохтааҕар тиийэр.
– Ходуһабыт үчүгэйэ иннибитигэр турдаҕа. Ол эрээри от кэлиитэ мөлтөх. Үтүмэн сири хаастаан, 153 тонна оту туруордубут. (от ыйын 17 күнүнээҕинэн) Быйыл от үүнүүтэ былырыыҥҥыга тиийбэт. Оттон Наммара, Кулаада курдук кэлим ходуһаларбыт уулаахтар. Ол күһүөрү тарда быһыытыйар ини. Эбэһээтилистибэ дуо? Эбэһээтилистибэбит бу тэтиминэн буоллаҕына, туолара чуолкай, – диир звеновод Егор Большаков.
– Дьэ, быйыл Львову кытта эриһэр дьылбыт. Техника да баар, ходуһабыт да көхсө киэҥ- диэн эбэн биэрэр Петр Борисов.
– Львовтаах да хоннохтоох уолаттар буолуохтаахтар.
– Оннугун оннук да быйыл биһиги кинилэртэн хаалсыбатырбыт дэһэбит – кэпсэтиигэ кыттар саамай кырдьаҕастара, алта уонуттан лаппа тахсыбыт ытык тракторист, мустарааччы Никита Лопатырев.
Бэрт түргэнник суп-сап туттан, бары трактордарын диэки хаамсаллар. Итиннэ-манна трактор пускаһын тыаһа төлүтэ тэбэр. Уолаттар бэрт суһаллык аналлаах үлэлэрин толоро ыстаннара тураллар.
БАРЫТА КӨРӨН ТУРДАХХА. Бастаан көрдөххө, үс-түөрт тонналаах от түгэҕэ эрэ оҥоһуллан турар. Звеноҕа оту «оҥорооччулар» үһүөлэр: Егор бэйэтэ, кини уола, Чөркөөх оскуолатын ахсыс кылааһын быйыл үөрэнэн бүтэрбит Кеша Большаков уонна бараммат сэһэннээх Софрон Харлампьев. Егор стогометательгэ үлэлиир, Кеша уонна Софрон хардарыта – от үрдүгэр. От үрдүгэр туруу олус эппиэттээх – от сытыйыыта, быһыыта-таһаата – киниттэн тутулуктаах. Оттон Софрон эппиэттээх үлэтин чахчы баһылаабыт, идэтийбит киһи.
Алаас илин уонна арҕаа өттүгэр икки МТЗ-50 трактордар кэлэллэр-бараллар. Кинилэри харбатааччы Алексей Новгородов, мустарааччы Никита Лопатырев (саамай аҕа саастаахтара, техниканы миинэр миҥэ оҥостубута барыларыттан ырааппыт) сүүрдэллэр-көтүтэллэр.
Волокушаһыттар Петр Борисов уонна Степан Халгаев бэйэлэрэ туспа түбүктээх дьон. Субуунан сытар оту түүрдэрэн, мунньан стогометательгэ аҕалан биэрэллэр. Ону стогометатель үөһэ эһэн иһэ. Көрөн турдахха, 3-4 тонналаах от бэлэм. Адьас аҕыйах баһыы буолар эбит. Кэбиһиилээх от «оҥоһуллан» бүтүүтэ биир волокушалаах трактор атын сиргэ от түгэхтии барар. Манна кэтэсиһии, күүтүһүү суох. Барыта көрүөхтэн дьиктитик баран иһэр, орун оннугар.
Техниканы чахчы баһылаабыт эрэттэр сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ, санаалара кэлбитэ олус. Ол барыта күөх сайын уйгу быйаҥыттан басыһан хаалаары, ол барыта баай-дуол, арыы-сүөгэй, үүт дэлэйэрин туһугар.
Уолаттары от ыйын бүтэһик декадата күүтэр. Хайа онно биллиэ дии ким кыайыылаах буолара, ким хотторуу хомолтотун билэрэ. Кинилэри бириэмийэ, республиканскай бириэмийэ күүтэр.
Билиҥҥитэ бастаан иһэр Дьөгүөрдээх иннигитин эрэ биэримэҥ! Оттон Николай Львов, Роман Осипов, Афанасий Моттуев звеноларын дьоһун уолаттара, эһиги да хаалымаҥ! Дьэ, кыайыылааҕы биэтэк биллин! Кыайыылааҕы көрсүөххэ диэри!
Нариман Голиков «Коммунист» хаһыат, 20/VII-1968.
ХОДУДҺАҔА КОСИЛКА КУРУЛУОҔУН ИННИНЭ
(Үс коммунист звеноводтар М.Тихоно, Е.Большаков уонна Р.Николаев куоталаһарга бэлэмнэр)
Биһиги редакциябытыгар уонунан ааҕыллар ыалдьыттар күннэтэ сылдьан ирэ-хоро кэпсэтэн, сүбэлэһэн, бэйэлэрин санааларын үөрэ-көтө сэһэргээн тахсаллар. Оттон бүгүҥҥү ыалдьыттарбыт: биһиги аналлаах корреспонденнарбыт аат-ааттаан, сурах суоллаан сыл баһыгар-атаҕар анаан-минээн тиийэр дьонноруттан сорохторо. Кинилэр – Алексеевскай оройуон «Таатта» совхоһугар билиҥҥи модун техниканы атырдьах, кыраабыл оҥостон таатталарын эрэ эргин сураҕырбакка, бүтүн республика үрдүнэн аатырбыт отчут механизатордар Михаил Тихонов, Егор Большаков уонна эмиэ кинилэр курдук «Хатас» совхозтан биир чулуу отчут Рожь Николаев.
Кинилэр республика отчут механизатордарын иккис сүбэ мунньахтарыгар кыттан бэрт үгүһү сэһэргэстилэр, саҥа кирбиини ылар соруктары дьүүллэстилэр. Ол мунньахха этиллибит санааларга олоҕуран биһиги ыалдьыттарбыт бэйэлэрин сыалларын уонна бииргэ үлэлиир-хамсыыр доҕотторун туһунан киэн тутта сэһэргэстилэр.
Ааспыт сайын республика отчуттарын куоталаһыыга көҕүлээбит Николай Львов звенотун отчута Михаил Тихонов хаһыат үлэһиттэрин ыйытыыларыгар эппиэттээн тылы аан маҥнайгынан ылар.
– Быйыл Николай Федорович кэккэ сылларга дьулуспут сыалын ситистэ. Николай уон биирис кылааһы киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэн бүтэрдэ. Кини салҕыы механизатор идэтин баһылыырга үөрэнэр баҕалаах. Онон аны ый курдугунан саҕаланыахтаах от үлэтигэр кыттыбат буолла.
– Оччоҕуна ким звеноводтуура буолуой? – диэн хаһыат корреспондена ыйытар.
– Салайааччы эппиэтинэһин миэхэ сүктэрэллэр. Ол да иһин уоппускабын ситэ туһаммакка төттөрү тахсарга тиийдим. Билигин звено чилиэннэрэ үгүстэрэ билиннилэр. Урукку састааптан соччолоох уларыйыы суох.
– Быйыл даҕаны республика отчуттарын куоталаһыыга көҕүлүүр инигит?
– Итини бу олорон тута быһаара охсор кыаллыбат. Ааспыт сайыннарга Победа отделениетыгар биһиги механизацияламмыт звенобут эрэ үлэлээбит буоллаҕына, быйыл иккис механизацияламмыт аҥардаах звенону тэрийээри былаанныыллар.
– Оччоҕуна былырыыҥҥы маршруккут быдан аччыыр буоллаҕа дии?
– Биллэн турар, маршрут чуолкайдана илик. Холбонуллар тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын өрөмүөннэрэ саҕаланан эрэллэр.
– Биһиэхэ эмиэ өрөмүөн барар гынан баран, саппаас чаас суох буолан ыараххаттары үөскэтэр, – диэн кэпсэтиигэ Егор Большаков кыттар.
Ааспыт сайын от үлэтигэр бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыт Е.Большаков аҕыйах хонуктааҕыта герой куоракка Одессаҕа сынньанан кэлээт Якутскайга механизатордар сүбэ мунньахтарыгар кыттыыны ылла.
– Соҕурууттан кэлиибэр партийнай тэрилтэ сэкэрэтээрэ мин салайар звеном ыччат-комсомольскай буолуохтааҕын туһунан эппитэ. Москваҕа институкка үөрэнэр Григорий Мурунов сайын от үлэтигэр сылдьар баҕалааҕын биллэрбитин биһиэхэ ыҥырбытым. Итини сэргэ Советскай Армияттан демобилизацияламмыт Василий Харлампьев биһиги звенобут биир саҥа чилиэнинэн буолуоҕа. Бэйэм уолаттарым тохсуска үөрэнэр Кеша, сэттиһи бүтэрбит Руслан быйыл даҕаны бэйэбин кытта сылдьыахтара. Бу мунньахха Кешаҕа ЫБЛКСМ уобаластааҕы комитетын грамотатын туттардылар.
Илиибин араарбакка эрэ үһүс сылбын механизацияламмыт звенону салайабын. Оттон тустаах идэм совхоз отделениетыгар механиктааһын.
Егор Большаков САССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмытын мунньахха көрсүбүт саҥа доҕотторо истиҥник эҕэрдэлээбиттэрэ. Итини сэргэ кини уонна Михаил Тихонов звенолара портативнай радиоприемнигынан бириэмийэлэннилэр.
– Баҕар, Егор, эн звеноҥ куоталаһыыны көҕүлээрэй?
– Мин да итини манна соҕотоҕун быһаарар кыаҕым суох. Дьоммун кытта сүбэлэһиэхпин наада. Урут маршруттаах сирбитигэр моой отчуттар киирэн мэһэйдэһэр этилэр. Быйыл сайын ити хатыламматыгар эрэллээхпин. Билигин нэһилиэк Советын председателинэн уруккута биһиги звенобут механизатора талылынна. Биһиги сирбит Наммара үрэҕинэн тахсан баран Тааттаны сыыйар. Күн аайы кэриэтэ саҥаттан сана сиргэ көһөбүт. Ааспытын өттүгэр балаакканан сылдьарбыт. Күүстээх үлэ кэнниттэн киһи балаакканы сүрдээҕин ыарырҕаан туруорунар. Ол иһин быйыл көлүөһэ үрдүгэр хаптаһынынан дьиэ оноробут. Итини таһынан заправкалыыр цистернаны автоприцеп курдук онорор былааннаахпыт.
Былырыын алааспыт уу буолан үөһэ эрэ өттө оттоммута. Баччаанна диэри быйыл саас ардах түһэ илик. Сир олус куурда. Бу бэс ыйыгар ардаабатаҕына от-мас тахсыытыгар куһаҕан сайын буолар туруктаах. Ол да буоллар биһиги алаастарбыт ханнык эрэ хоруйар оту биэриэхтэрин сөп этэ. Мантан тиийээт сирбитин-уоппутун кэрийэн маршруппутун чуолкайдыахпыт. Бачча тоннаны оттуом диэн этэр кыах суох. Ол эрээри ааспыт сыллардааҕы кирбиилэртэн намтаппат инибит.
– Былырыын 13 киһилээх этибит, – Рожь Николаев кэпсээнин саҕалыыр. – Уулаах арыыны эрдэ бүтэрэн Кэнкэмэҕэ тахсан оттообуппут. Биһиги арыыбыт 1 700 тонна оту биэрбитэ.
– Бэрт кыра сир эрээри элбэх да оту биэрбит эбит, – диэн Таатта механизатордара омуннура түһэллэр.
Билигин дьоммут ахсаанын уонна диэри аччатар былааннаахпыт. Дьонум бары эдэрдэр – бэйэм бараллаалара. Эмиэ үһүс сылын звенону
салайабын. Сыарҕа үрдүгэр туппут дьиэбитигэр олоробут. Дьиэ-дьиэ курдук.
– Рожь, эһиэхэ комсомольскай тэрилтэ оруола хайдаҕый?
– Хомойуох иһин, биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар совхозпут комсомола орооспот. Ити биир үксүн секретардарбыт чаастатык уларыйыыларыттан тахсар. От үлэтин иннинэ Таатта отчуттарыгар бара сылдьар баҕалаахпыт.
– Хайа, доҕор, ол туох да үлэ бара илигинэ тугу көрөн-билэн кэлиэххиний? – диэн Егор Большаков мунаарбытын тута биллэрэр.
– Онно баран сэһэргэһэн, техникаҕытын көрөн, син, ханнык эмэ сананы көрөн-билэн кэлиэхпит, – Рожь бэйэтин былаанын булгуруппаттыы этэр, – отчуттарга күннэтэ айылҕа собуоткатын истии олус наадалаах. Үлэ былаана халлаантан тутулуктааҕын отчут барыта бэркэ билэр. Мунньахха ити туһунан Якутскайдааҕы радио бары отчуттар истиилэригэр киэһээтин уон чаас кэнниттэн, күн-дьыл уларыйыытын сводкатын, биэрэрэ буоллар ордук туһалаах буолуох этэ диэтилэр.
Биһиги ыалдьыттарбыт итинтэн салгыы өссө бэрт үгүһү сэһэргээтилэр. Бу үс коммунист уолаттар быйыл сайын бэйэ-бэйэлэригэр сылдьан билсиһиэх буолаллар уонна биһиги хаһыаппыт көҕүлээһининэн куоталаһарга баҕалаахтарын биллэрэллэр. Кинилэр Якутскайтан тиийээт эбэһээтилистибэ ылынан дьыл туруга-отчут илиитигэр дьин чахчы баарын үлэнэн көрдөрөргө сорктаналлар. Кинилэр дьулуһар дьулуурдара – от элбэх саппааһын бэлэмнээн бэйэлэрин совхозтара государствоҕа эмис эти, өлгөм үүтү туттарарыгар.
Кэпсэтиини суруйда Т. Халыев, «Эдэр коммунист» хаһыат. 4/VI-1969 сыл.
Киһи баһыгар 110 тонна оту оттуохпут. Бу күннэргэ от хомуурун үлэтигэр бэлэмнэнии күргүөмнээхтик ыытыллар. Бастын хаачыстыбалаах элбэх оту бэлэмнээһин төһө үчүгэйдик өрөмүөннэнэргиттэн, тэринэргиттэн тутулуктаах.
Мин механизированнай звенобар 9 киһи сыһыарыллыбытыттан, билигин 8 киһи өрөмүөммүтүгэр сылдьабыт. Биһиэхэ 7 «Беларусь» трактор, 2 КПД-4 охсор, 2 ГТП-6 кыраабыл, 2 волокуша, 1 стогометатель сыһыарыллыбыттара. Бу техникаларбытын сүнньүнэн өрөмүөннээн бүтэрэн эрэбит, ол эрээри баччаанна диэри саппаас чааһа суоҕа улахан мэһэйинэн буолла.
Тракторбытыттан 5 трактор баар, итинтэн 2 трактор техуход бараллара хаалла. Онтон икки тракторы сана кэлэрин күүтэбит. Трактордарга шиналар олус эргэлэр, киниэхэ саппаас суох, вулканизация да сатаан ыытыллыбат туруктаах.
Биһиги звенобутугар хас биирдии киһи 100-түү тонна оту бэлэмниир сорудахтаахпыт. Быйыл кураан буолан от үүнүүтэ мөлтөх, ол да буоллар бэйэбит кыахпытын, күүспүтүн көрөн хас биирдии отчукка 110-нуу тонна оту бэлэмниэхпит диэн эбэһээтилистибэ ылынныбыт.
Быйыл от хомууругар ааспыт сыллаах итэҕэстэрбитин туоратар соругу туруорунабыт. Ол курдук, ааспыт дьылга биһиги үлэлиир маршруттаах сирбитигэр «Сельхозтехника» үлэһиттэригэр оттото биэрбиттэрэ, итини тэнэ биһиги оттуур Наммара үрэхпитин Тыараһа отделениятыныын оттообуппут. Онно Тыараһа отчуттара биһиги быыспытыттан оттоон барбыттара. Ааспыт сыллаах маршруппут кыайан учуоттанан оноһуллубакка, сиртэн сиргэ көһүү элбэхтик тахсыбыта.
Онон быйыл маршруппут Наммара үрэҕин икки уһугуттан утары керсөр гына оностунуохтаахпыт.
Иккис итэҕэспитинэн быйыл отууну көлүөһэ үрдүгэр оностунар былааннаах этибит. Итини матырыйаал тиийбэтинэн оносто иликпит.
Бу күннэргэ сирбитин кэрийэн көрөн маршруппутун онорон, от ыйын 1 күнүттэн ходуһаҕа киирэргэ былааннанабыт.
Биһиги бу эбэһээтилистибэбитин толоруубут В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолар юбилейыгар бэлэхпит буолуоҕа.
Е.Большаков, Чөркөөх отделениетын механизированнай звенотун звеновода. «Коммунист» хаһыат, бэс ыйа, 1969 с.
Е. БОЛЬШАКОВ БАСТААН ИҺЭР
Быйыл Е.Большаков, Н.Иевлев, М.Тихонов, И.Беркин, А.Моттуев оттооһуҥҥа республика үрдүнэн ыҥырыы сурук таһаарбыттара. Уолаттар эппит тылларын толороллоругар бигэтик эрэнэбит.
От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан Е.Большаков – 150 тонна, М.Тихонов – 100 тонна, И.Беркин – 90, оттон А.Моттуев, Н.Иевлев 30-туу тонна оту бэлэмнээтилэр.
От хомуурун киэҥ далааһына кэҥээн иһэр. Ону күөртээччилэр – механизированнай звенолар, куоталыы былааҕын үрдүктүк тэлээрдэллэр.
«Коммунист» хаһыат, бэс ыйа, 1969 с., биһиги корр.
УДАРНАЙ ЫЙГА УДАРНАЙДЫК ОТТУОХХА! АРДАХ ДА АРАЛДЬЫППАТ
(Отчут механизатордар, бастыҥнары батыһыҥ!)
… Уһун ардах бокуойа суох түһэн намылытар. От-мас уунан чомполоно сууммут. Көтөр-сүүрэр ырыата-тойуга мэлийбит. Бэл диэтэр, күөх сайын кэрэһитэ, куоластаах чулуута кэҕэ көтөр халыҥ тыаҕа кирийбит. Дьэ кэлэн ардахпыт астыбакка сордоотоҕо үһү…
Ол кэмҥэ уҕараабакка оттуу сылдьар дьулуурдаахтар эмиэ бааллар. Хатыҥ чараҥынан кэриирдэммит алаадьы курдук төгүрүк алааска техника бөҕө тоҕуоруйбут. Манна тракторадар мотуордарын ньиргиэрдэрэ күнүстэри-түүннэри намыраабат.
Самыыр уутугар, мэктиэтигэр килэбэчийиэхтэригэр диэри «сууммут» «Беларустар» волокушаны муҥунан ибис-инчэҕэй, күп-күөх оту анньан иһэллэр. Кэлбит оту хап-сабар стогометатель тимир тыӨырахтарынан сабардаан аа-дьуо от үрдүгэр уурар.
– Хайа, бу ардахха даҕаны кэбиһиини тохтоппот ханнык звено дьоной? – диэн дьиибэргээбиттии табаарыспыттан Клай Андреевич Константиновтан ыйыталаһабын.
Биһиэхэ «Таатта» совхоз бары звеноларыгар төһө да күүстээх ардах түстэр оттооһун тохтотуллааччыта суох, – диир аргыһым. – Бу от кэбиһэ сылдьар отчуттар – бүтүн совхозка, оройуоҥа киэҥник биллэр механизатор Егор Большаков дьоно.
Биһиги айаннаан иһэр массыынабыт руулун эрийэ баттаат отчуттарга көтүтэн тиийэбит.
Стогометатель кабинатыгар хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, хойуу хаастаах, орто уӨуохтаах түөрт уончалаах киһи олорор. Кини чэрдийбит баппаҕайдарынан иннигэр турар ырычаактары уҥа-хаҥас баттыалыыр, ол аайы стогометатель тимир тыҥырахтара үөһэ-аллараа умсаахтаһаллар. Ити биһиги республикабытыгар киэҥник сураҕырбыт, чулуу механизатор Егор Большаков. Кини салайар толору механизированнай звенотун отчуттара сыллата күөх сайын быйаҥыттан элбэх оту оттоон совхозка туттараллар. Кэнники сылларга отчуттар республика колхозтарын, совхозтарын толору механизированнай звеноларын куоталаһыыларын көҕүлээччинэн буоллулар.
Ааспыт сылга бу звено отчуттара звено хас биирдии киһитигэр тонна оту оттообуттара. Механизатордар Саха АССР Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын оттооһуҥҥа олохтообут үһүс бириэмийэлэрин биир төгүл, оттон иккиһи икки төгүл сайын устата ылбыттара. Быйыл даҕаны ити тэтимнэрин ыһыктыбат иннигэр охсуһаллар.
Звеньевод чөмөхтөммүт оту стогометателинэн астаран, от үрдүгэр дэгдэччи көтөҕөн таһаарар. Түсчүт Кеша аҕатыгар уҥа диэки илиитин ыйан көрдөрөр. Ол аата оту уҥа диэки ууруллуохтаах. Саҥардыы хороччу улаатан эрэр уолчаан бэйэтин идэтин үчүгэйдик билэр. Кини быйыл тохсус кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрбит. Ааспыт сылга эмиэ бу звеноҕа түсчүтүнэн үлэлээбит. Кыһынын ити оҕо түстээбит отторуттан биир да сытыйан-ымыйан совхоз рабочайдарын өттүлэриттэн биир да саҥа-иҥэ тахсыбатаҕа.
Кеша оту атырдьаҕынан тарҕатар, тэпсэр. Кини от үрдүгэр турар солууртан тууһу баһан ылан хаста даҕаны от үрдүгэр тарҕаччы кутар. Өссө чиҥэтэн тэпсэр, төттөрү-маары хаамар.
– Туус бүттэ, – диэн хаһыытыыр түсчүт, солууру аллара быраҕа-быраҕа. Чөмөхсүт Руслан от таһыгар кыстана сытар кууллартан толору тууһу кутан аҕалан стогометательга уурар. Туус стогометателинэн от үрдүгэр айанныыр.
– Биһиги ардахха туустуу-туустуу кэбиһэ турабыт. Күн-дьыл ааһан иһэр. Самыыр түспүтэ бүгүн үһүс күнэ. Халлааны кэтэстэхпитинэ, быйыл оттообоппутугар тиийэбит, – диир звеньевод.
Ардаҕы курулаччы түһэттэрэ-түһэттэрэ үлэлиир олус ыарахан уонна уустук буолар. Самыырга стогометатель тииһэ окко төрүт киирбэт үгэстээх. Онон бэрт дуона суох от ытыттарыллар. Волокушаһыттар эмиэ эрэйдэнэллэр. От ыарахана бэрт буолан волокуша тииһиттэн сыыйыллан хаалар. Онон харбатааччыга элбэх үлэни таһаарар.
Отчуттары бары да үлэҕэ буспут-хаппыт, эриллибит дьон. Звеньевод Егор Большаков, 16 саастааҕар Ытык Күөлгэ трактористар курстарын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Ол дьыл кини аҕа табаарыстарын кытта колхоз сааскы ыһыытыгар кыттыбыта. Онтон ыла кини трактор рулуттан илиитин араарбакка сылы быһа, эргиччи үлэлиир. Кыһынын күөх сайын быйаӨыттан оттообут отун ынах сүөһү фермаларыгар таһар. Маны сэргэ рабочайдар, сүөсүһүттэр уокка оттор мастарын тракторынан тиэйэр.
Егор билигин «Таатта» совхоз Чөркөөхтөөҕү отделениетын биир чулуу механизатора. Кини быйыл үһүс сылын толору механизированай звенону салайан үлэлэтэр. Бу звеноҕа алта трактор, биир от кэбиһэр стогометатель сыһыарыллыбыт. Звено тоҕус киһилээх. Звено чилиэттэрэ бары да бэйэлэрин үрдүк көрдөрүүлээх үлэлэринэн, сэмэй майгыларынан атыттарга холобур буолаллар. Коммунистическай үлэ ударнига Алексей Новгородов тракторист уустук идэтин баһылаабыта эмиэ ырааппыт. Кини совхоз ыарахан үлэтин механизациялааһыҥҥа үгүс сыратын биэрэр.
Бу звено тэриллиэҕиттэн үлэлиибин, – диэн кэпсиир Алексей. Эдэр механизатор звеноҕа эппиэттээх учаастакка үлэлиир. Кини доҕоро Степан Халгаевтыын волокушанан от таһаллар. Уолаттар субууну хаста даҕаны тракторынан түүрдэрэн баран, уонтан тахсалыы центнер оту, кураан күҥҥэ аҕалаллар. Уолаттар хайа сатанарынан хас сырыы аайы элбэх оту аҕалар иннигэр охсуһаллар. Ол да иһин ааспыт сылга саамай күннээн биир күн 40-ча оту кэбиһэн турардаахтар. Быйыл ити кирбиини аһары түһэргэ мэктиэлииллэр.
Звено чилиэннэрэ үксүлэрэ уруккулар. Кинилэр хас эмэ сыл устата бииргэ үлэлээн бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсибит дьон. Биир саӨа киһилэрэ Василий Харлампьев ааспыт күһүн Советскай Армия кэккэтиттэн демобилизацияланан кэлэн совхозка араас үлэҕэ сылдьыбыта. Кыһынын Харбалаахха тракторист курсугар үөрэммитэ. Билигин кини Михаил Жегусовтыын тракторынан от охсон тэлэкэлиир. Оттон Москватааҕы В.И.Ленин аатынан педагогическай институт студена Григорий Мурунов сайыҥҥы каникулун кэмигэр дойдутугар кэлэн, бу звеноҕа МТЗ-50 тракторынан от оҕустарар.
Механизатордар кэбиһэ турар отторун бүтэрэн күнүскү чэйдэригэр мусталлар. Ирэ-хоро, үлэ-хамнас туһунан сэһэргэһии саҕаланар.
– От үүнүүтэ ааспыт сыллааҕар кыра. Ол да буоллар, сорох алаастар үүннүлэр. Һүнүүлээх ходуһаларбытыгар саӨа киирэн эрэбит. Халлаан туран биэрдэҕинэ бу декадаҕа ылбахтаһа түһэр инибит, – дэһэллэр уолаттар. Ударнай ыйга өссө тэтимнээхтик үлэлээтэхпитинэ сатанар.
Кэбиһэллэригэр от түгэҕэр 3-4 биэдирэ туус куталлар. Ити от түгэҕиттэн сытыйбатыгар-ымыйбатыгар улаханнык көмөлөһөр. Курулас ардахха от күрүөтүн туталлар. Бу ый 20 күнүнээҕи түмүгүнэн механизатордар 90-тан тахса от кэбистилэр. Онтон аҥаарын кэриэтин күрүөтүн туттулар. Звено чилиэннэрэ сайын устата үрдүк оӨорумтуолаахтык, маневрдаан үлэлиир бэлэмнээхтэр. Итиниэхэ биир охсор, биир мунньар саппаастаахтар. Хаһан наадыйылларынан көрөн эбэтэр мунньар, эбэтэр охсор тракторы туруорар кыахтаахтар.
Звено механизатордарын үлэлэрин тэтимэ ааспыт сыллардааҕар быйыл өссө үрдүк. Јскөтүн звено отчуттара ааспыт сыл от ыйын 20 күнүгэр 85 оту кэбиһэн 220 тонна оттоммут буоллахтарына, ити кэмҥэ быйыл 90 оту кэбиһэн 250 тонна оттоннулар. Онон звено хас биирдии отчутугар хайы-үйэ 26-лыы тонна оту кэбистилэр. Быйыл Тааттаҕа сааскы ыйдарга ардах түһүмүнэ, сорох үрдүк алаастар олох үүммэтилэр. Ити содула бу звеноҕа эмиэ таарыйда. Кинилэр хас да алаастарыттан хааман хааллылар. Ол да буоллар, уолаттар санааларын түһэрбэттэр, от иһин охсуһууну күннэтэ күүһүрдэллэр. Большаковтар кэккэлэһэ үлэлиир бэйэлэрин табаарыстарын Михаил Тихонов звенотун механизатордарын кытта куоталаһаллар. Биэтэккэ бастаан тахсар иһин дьулуһаллар.
В. Яковлев, «Кыым» бэйэтин корр., 29/VII-1969.
ДЭГИТТЭР МЕХАНИЗАТОР
(Үлэ албан аатын II, III степеннэрдээх орденнарын кавалера Е.С.Большаков туһунан кэпсиибит)
Техникаҕа сайынын хото үлэлиир дьон арыычча уоскуйбут кэмнэрэ да буолуон сөп этэ. Суох, Егор Степанович таба туттарбатаҕа. Ханна тиийэбит да, онно барбыта диэн испиттэрэ: кимиэхэ эмэ тракторын оҥорсо, кимиэхэ эмэ массыынатын көрсө. Ити кэмҥэ, субу ааспыт сыл ахсынньытын саҥатыгар, кини совхоһун киин уһаайбатыгар автопарка гарааһын сэбиэдэссэйинэн үлэлии сылдьара.
Эккирэтэ сатаан баран, даамнаан, сарсын күүттүн диэн илдьит уурдаран, Кыйы отделениетыгар ааспыппыт. Нөҥүө күнүгэр, баскыһыанньатын иһин бөҕөх санаалаах, болдьоммут кэммитигэр, Чөркөөххө кэлбиппит. Киһибит болдьообут сирбитигэр – совхоз кэнсэлээрийэтигэр эмиэ мэлигир этэ.
– Оо, ол киһигит мааҕыын, халлаан тыҥ хатыаҕыттан, амбулаторияҕа сваркалыы сылдьара,- дэспиттэрэ онно баар дьон.
– Сваркалыы даа?
– Сваркалыы, сваркалыы! Ээ, Егор Степановиһы, арба эһиги комбайнер быһыытынан билэн эрдэххит. Суох, Егор Степанович комбайнер эрэ буолбатах. Кини тракторист, шофер, слесарь, токарь, сварщик, механик ааттааҕа. Быһатын эттэххэ, бары өттүнэн маастар, дэгиттэр механизатор.
Егор Стеапанович Большаков оннук киһи эбит. Биһиги уонна республика ааҕааччылара кинини, кырдьык, чулуу комбайнер эрэ быһыытынан билэрбит. Сылын ахсын Алексеевскай оройуонунааҕы “Таатта” совхоз аатырбыт комбайнера 300-400-500 гектар бурдук сирин быстарбытын, гектартан 14-18 центнер үүнүүнү ылбытын туһунан республика хаһыаттара былдьаһа сылдьан бэчээттээччилэр, радионан быспакка дарбыйааччылар.
Ааспыт сайын Егор Степанович бэйэтин отделениетын – Чөркөөх 216 гектардаах ыһыытын аҕыйах хонукка хомуйа охсон, гектартан 18- тыы центнер үүнүүнү ылбытын туһунан үтүө сурах атырдьах ыйын бүтүүтэ республика үрдүнэн тарҕаабыта. Онтон салгыы совхоһун Туора Күөллээҕи отделениетыгар, ыалыгар Петр Алексеев аатынан совхоз Уолбатааҕы отделениетыгар көмөлөһө барбыт сурахтара иһиллибитэ. Ити икки сиргэ бастакытыгар 87, иккиһигэр 49 гектар сирин быстарбытын, уопсайа 352 гектардаах бааһыналар ыһыыларын хомуйан, гектартан ортотунан 14 центнер үүнүүнү ылбытын, «Кыым» хаһыат республика бары ааҕааччыларыгар эмиэ тиэрдибитэ. Ону таһынан биһиги кини өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбутун, тохсус пятилетка түмүгүнэн Һлэ Албан аатын үһүс степеннээх орденынан наҕараадаламмытын эмиэ билэрбит.
Ол туһунан биһиги Егор Степановиһы мааны көстүүмүн кэтэрдэн, наҕараадаларын иилиннэрэн, хаартыскаҕа түһэрэн, хаһыакка таһааран ааҕааччыларга билиһиннэрээри гыммыппыт, тохтор кутталланнаҕа ити. ТэӨнэһиэхпит дуо, саатар тылын-өһүн истээри амбулаторияҕа барбыппыт.
Амбулаторияны кирпииччэ оһохторун уунан ититиллэр системанан уларыта сылдьаллара. Сорохтор көтүллүбүт оһохтор кирпииччэлэрин таһырдьа таһаллара. Сорохтор уунан ититиллэр система батареяларын таҥаллара. Таһырдьа төһө да күннээх ыраас күнүн иһин, дьиэ иһигэр ыыс-быдан буруо, буор-сыыс тугу да көрдөрбөт этэ. Ол болоорхой туман уҥуор, ханнык эрэ түгэххэ, сварка уота, киһи хараҕын утары көрдөрбөт чаҕылын сүтэрэн, күлүмнүү-күлүмнүү умуллара.
Биһиги аан хоһу ааһан, ортоку хоһу өҥөйөн туран, буруоттан чачайа сыһа-сыһа үөгүлээбиппит.
– Егор Степанович, бааргын дуо?!..
– Баарбын, баарбын!..- кэһиэхтээх хойуу куолас саамай түгэххэ лиҥкинээбитэ.
– Кэ-эл, кэл!..
– Тоҕо-о?
– Кыра наада баа-ар…
– Ээх, билигин…
Сварка уота күлүмнүүрэ тохтообута. Сотору, хойуу буруоҕа тэптэрэн, күнү-ыйы бүөлүүр бөдөҥ киһи барыҥнаан иһэрэ көстүбүтэ. Сырдыкка тахсыбытыгар, оннук олус бөдөҥ да буолбатар, астык көрүҥнээх, дараҕар сарыннаах, киэҥ арылхай харахтаах, бириһиэн ыстааннаах, халыҥ свитердээх, буор-сыыс буолбут боростуой бэргэһэтин сэгэччи анньыммыт киһи кэлэн, кэтит, чэрдээх баппаҕайынан илиибитин бобута туппута.
– Большаков диэммин, – аламаҕайдык мичэрдии-мичээрдии оргууйдук саҥарбыта да, хайдах эрэ уһаат иһиттэн курдук дорҕоонноохтук иһиллибитэ. Биһиги буруоттан күрэнэн, таһырдьа тахсан испиппит. Онуоха фотограф Виктор Яковлев урут сүүрэн тахсан, Егор Степанович дьиэ күүлэтин түһэн истэҕинэ, хаартыыскаҕа түһэрэ охсон ылбыта. Онон эһиги, ааҕааччылар, бу очерканы кытта Егор Степанович үлэлии-хамсыы сылдьар кэминээҕи хаартыскатын көрөҕүт.
Егор Степанович, кудуххай кэпсэтиилээх, үчүгэйдик билистэххэ, көрдөөх-нардаах да соҕус киһи быһылаах. Кини аан бастаан көлүөһэлээх трактор уруулугар, 16 саастааҕар, 1945 сыллаахха олорбут. Онуоха диэри сэрии күчүмэҕэй дьыллара улахан дьону кытта колхоз үлэтигэр тэҥҥэ эрийбитэ, буһарбыта-хатарбыта өтө көстөр. Түөрт сыл буолан баран, аны хонуу хараабылын-комбайны тэһииннээбит. Онтон утум-ситим билиҥҥи трактордар араас мааркаларын, массыыналары баһылаабыт. Ол сылдьан слесарь, токарь буолан хаалбытын бэйэтэ да билбэт үһү.
– һэ-һэ, биир техниканы биллим да онтон атыттара утум-ситим бэйэлэрэ баран истэхтэрэ дии. Маарыннаһаллар эбээт, -диир холку баҕайытык Егор Степанович. Дэгиттэр идэлээх, чулуу механизатор ити баһылаабыт идэлэрин толору туһанар эбит.
– Олус абырыыр, – диэбитэ совхоз директра Владимир Васильевич Находкин. – Егор Степановиһы ханна ыарахан да, онно ыытабыт. Кинини ыыттыҥ да бүк эрэнэҕин, оҥоруоҕа, толоруоҕа диэҥҥин.
Егор Степанович быйыл кыһын да салайааччыларын эрэлин толорбут. Автопарка гарааһыгар сэбиэдиссэйдии сылдьан туран хаалбыт түөрт массыынаны сүүрпүт, үс бүтэһиктээхтик айгыраабыт тракторы үлэлэппит. Автомашиналар сүүрбүттэр, трактордар үлэлээбиттэр. Гаражка оннук үлэ суох буолбут. Егор Степанович билигин бэйэтин дьиӨнээх үлэтигэр сылдьар. Кини үрдүк үүнүү звенотун салайбыта ырааппыт.
Билигин үс киһилээх биир тракторынан аны сайыҥҥы үрдүк үүнүү акылаатын уура сылдьар. Бааһыналарыгар хайыы-үйэ 700 тонна ноһуому киллэрбиттэр, 45 гектарга хаар типтэрбиттэр. Звено аны сайын 450 гектар оннугар, 500 гектарга ыһан, биир гектартан 9,5 центнер оннугар, 12 центнер бурдугу үүннэрэргэ эбэһээтилистибэ ылыммыт.
Бу күннэргэ чулуу механизатор көдьүүс уонна хаачыстыба пятилеткатын бастакы сылыгар уһулуччулаах ситиһиилэрин иһин, иккис орденынан – Һлэ Албан аатын иккис степеннээх орденынан наҕараадаланна.
Егор Степановиһы үрдүк наҕарааданан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиэҕиҥ! Киниэхэ өссө саӨаттан саӨа кыайыылары баҕарыаҕыҕ!
Н. Кривошапкин, «Кыым» хаһыат, 29/I- 1977с.
Амма-Таатта тэҥнээхтэрэ куоталаһаллар
(Сиртэн үрдүк үүнүүнү ылар иһин)
«Таатта» хаһыат Чөркөөхтөөҕү отделениетын үрдүк үүнүүгэ звеньевойа, ССКП райкомун чилиэнэ, Егор Степанович Большаков соторутааҕыта Амма оройуонугар баран кэллэ.
Кини «Амма» совхоз Болугурдааҕы отделениетын звеньевойа Петр Афанасьевич Петрову кытта социалистическай куоталаһыы дуогабарын түһэристэ.
Бу тэҥнээхтэр куоталаһыылара буолуоҕа. Ыһар сирдэрин иэнэ, техникалара тэҥ. Маны тэҥэ саастара, оҕолорун ахсаана эмиэ тэҥ. Иккиэн Һлэ Албан аат орден иккис уонна үһүс степеннэрин кавалердара.
Мин быйыл эмиэ үрдүк үүнүү звенотун салайабын. Быйыл 598 гектар ыһыылаахпыт. ССКП КК, ССРС Министрдэрин Совета, ПСБСКС уонна ЫБСЛКС КК «1978 сыллаах былааны толорор уонна аһары толорор иһин социалистическай куоталаһыыны тэнитэр итиэннэ производство көдьүүһүн уонна үлэ хаачыстыбатын үрдэтэр иһин охсуһууну күүһүрдэр туһунан» ылыммыт соруктара биһигини элбэххэ эбээһинэстиир. Соторутааҕыта Амма оройуонугар опыт атастаһа бара сырыттым. Онно биир идэлээхпэр, республика хас да төгүллээх чемпионугар Петр Афанасьевич Петровка тиийэ сырыттым. Кини «Амма» совхоз Болугурдааҕы отделениетыгар бурдук үүннэриитинэн дьарыктанар. П.А.Петров быйыл 649 гектарга туорахтаах культураны үүннэрэр соруктаах. Онтон хас биирдии гектарыттан 18, 5 центнер үүнүүнү ылыахтаахпын диэн бигэ тылын этэр. Мин коллегам үлэтин-хамнаһын уонна опытын кытта билсэн бараммын, кинини кытта дуогабардаһан куоталаһан үлэлээһиҥҥэ илии тутуһан кэллим. Кини звенота үс комбайннаах. Биһиэнэ эмиэ үс. Һлэбит кээмэйэ тэҥ сыһа. Биһиги быйыл 100 гектар оһорбо сирин саҥа оҥоруохтаахпыт. Бурдук сирэ Амманан уонна Тааттанан тайыыр. Билигин ыһыыга бэлэмнэнии үлэтин ыытабыт. Ол курдук, хаар типтэриитин ыытабыт, 530 тонна органическай уоҕурдууну киллэрдибит. Сирэй куоталаспыт звеном ыһыыга бэлэмнэниитэ эмиэ эрдэттэн ыытыллыбыт. Бу күннэргэ ноһуом киллэриитин уонна хаар типтэриитин түмүктээн күрүө-хаһаа маһын бэлэмин ыыталлар. Кини ыһыытын сирэ Амма уҥуор эбит. Онон техникатын саас эрдэ туоратар үһү. Итинник билсиһэн бараммыт сирэй куоталаһыы дуогабарын түһэристибит. Дуогабарга тустаах социалистическай эбэһээтилистибэтин толорууну аан бастакынан киллэрдибит. Эбэтэр мин гектартан 12-лии центнер, кини 18,5 центнер үүнүүнү ылар иһин күрэстэһэбит. Сааскы ыһыы үлэтин 5 хонук устата бүтэриэхпит. Күһүҥҥү бурдук хомуурун, сүтүгэ суох, 20 хонукка ыытыахпыт. Куоталаһыыбыт икки төгүл түмүктэнэр. Сааскы ыһыы кэнниттэн П.А.Петров биһиэхэ кэлэ сылдьыахтаах. Оттон күһүҥҥү хомуур үлэтин кэнниттэн Аммаҕа биһиги бара сылдьыахтаахпыт.
Е.С.Большаков, Чөркөөх отделениетын үрдүк үүнүүгэ звенотун звеньевойа, ССКП райкомун чилиэн. «Коммунист» хаһыат, 1979 сыл.
Үрдүк үүнүү маастара
(Уобаластааҕы XXXIV-с партийнай конференция делегаттара)
1972 сыл. Биһиги оройуоммутугар үрдүк үүнүү звеноларын тэрийии бастакы сыла. Оччотооҕуга ити дьаһалы олохтооһун үгүс ыарахаттары көрсүбүтэ. Сорохторго сир-уот табыгаһа суоҕа, сорохторго табыгастаах техника, механизаторскай кадр тиийбэтэ мэһэйдиирэ.
Ити саас Егор Степановиһы совхоһун дирекциятыгар ыҥырбыттара.
– Дьэ, доҕоор, бэйэҥ да истэ-билэ сырыттаҕыҥ буолуо, оройуон үрдүнэн быйылгыттан саҕалаан үрдүк үүнүү звенолара тэриллэр буолбуттарын, – диэбитэ совхоз директора.
– Онон звеньевойунан бу эйиигин анаары олоробут. Ону туох дии саныыгын?
– Ким билэр, доҕор, эчи санаа хоту үлэлиэххэ айылаах техникабыт да кэмчитэ бэркэ дылы дии, арай ити өртүнэн миинэ барар гына көмөлөһүөх буоллаххытына сөбүлэһэн, үлэлээн көрөө инибин, – диэбитэ олорбохтуу түһэн баран, оҕо эрдэҕиттэн киэӨ көҕүстээҕинэн аатырбыт киһи быһыытынан түс бааччы эппиэттээбитэ.
Егор Степанович аны үрдүк үүнүүнү үүннүүр-тэһиинниир үлэһит буолан хаалбыта. Ол эрээри кини, оҕо сааһыттан трактористан саҕалаан механикка тиийэ дэгиттэр идэлэригэр тирэҕирэн, күнү-дьылы аахсыбакка үлэлээн-хамсаан барбыта. Ити сыл киниэхэ «Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин» үрдүк аата иҥэриллибитэ. Һрдүк үүнүү звенотугар үлэлиэҕиттэн саас ыһыы, күһүн хомуур, кыһын эһиилгигэ бэлэмнэнии былдьаһыктаах кэмнэригэр утуйар уу диэни умнан, өрөбүл диэни билбэккэ үлэлээн үрдүктэн үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн барбыта. Тохсус пятилетка түмүгүнэн үрдүк үүнүүнү ылбытын иһин Албан аат орден үһүс степенинэн, биһиги оройуонтан аан маӨнайгынан, наҕараадаламмыта. Онтон 1976 сыллаахха хас биирдии гектартан хомуйбут ыһыытыттан 18-тыы центнер үүнүүнү хомуйууну ситиһэн ити орден иккис степенинэн наҕараадаламмыта.
Чулуу механизатор, коммунист Егор Степанович хас сылын ахсын тиэрдиллибит былаана, ылыммыт эбэһээтилистибэтин ити курдук эриэ-дэхси толортоон бэйэтин колхоһугар, кэлин совхоһугар, оройуонугар эрэ буолбакка, бүтүн республика үрдүнэн киэҥник биллэр механизаторынан буолбута. Ол курдук, тохсус, онус пятилеткалар сылларыгар бэйэтин оройуонун коммунистара хас да төгүл партия уобаластааҕы конференциятыгар делегатынан талбыттара. Ол сылдьан биирдэ ССКП обкомун чилиэнигэр кандидатынан быыбардана сылдьыбыта. Коммунист уонна олохтоох сэбиэт депутатын быһыытынан үгүс түбүктээх үлэтин таһынан, нэһилиэгэр үгүс өрүттээх общественнай үлэни толорбута.
Бу ааспыт уон биирис пятилетка сылларыгар даҕаны, дьыл-күн өттүнэн төһө да ыарахаттардааҕын үрдүнэн тэппит атаҕын кубулуппатаҕа, туппут илиитин ыһыктыбатаҕа. Кини салайар звенота пятилетка тиһэх сылыгар биригээдинэй бэдэрээккэ киирсэн 350 гектардаах ыһыы сирин хас биирдии гектарыттан ортотунан 12-лии центнер үүнүүнү хомуйан валовойунан 420 тонна бурдугу ыларга, онон пятилетка бүттүүнүн былаанын аһара толорорго ылыммыт үрдэтиллибит эбэһээтилистибэтин чиэстээхтик толорбутун туһунан партия райкомугар, райсовет исполкомугар ким хайа иннинэ араапардаабыта. Кини хас биирдии гектар хомуйбут сириттэн 13,1 центнер үүнүүнү хомуйан валовойунан 476 тонна көмүс туораҕы ылбыта. Онон пятилеткатааҕы сорудаҕын хас биирдии гектартан үүнүүнү үрдэтиигэ 138,9, бурдук валовой үүнүүтүгэр 133,6 бырыһыан толорору ситиспитэ, пятилетка сылларыгар хас биирдии гектар сир үүнүүтүн ортотунан 10,7 центнерга тиэрдэн, валовойунан уопсайа 1778 тонна бурдугу ылбыта. Ити биһиги оройуоммут усулуобуйатыгар куһаҕана суох көрдөрүүнэн буолар.
Кини итини хайдах ситистэ? Бастатан туран, туруоруммут үлэтигэр дьиҥ-чахчы бэриниилээҕинэн, дьулуурунан. Иккиһинэн, үөһэ ахтан ааспыппыт курдук, дэгиттэр идэни баһылааһынынан, үлэлии сылдьар техниката саахалланнаҕына атыттар курдук атын киһи илиитин-атаҕын кэтэһэ барбакка, бэйэтэ үүйэ-хаайа тутан оҥосто охсорунан. Һсүһүнэн, дьыл ханнык да кэмигэр, кырдьаҕас наставник быһыытынан киниэхэ сыһыарыллыбыт хайа баҕарар эдэр киһини үлэҕэ сатаан сыһыара охсон үлэни-хамнаһы таба тэрийэринэн.
Биһиги соторутааҕыта Егор Степановиһы кытта инники былааннарын туһунан ыйыталаһан кэпсэтиһэ сырыттыбыт. Онуоха кини тоҕо-хоро маннык сэһэргээтэ:
– Инники былаан диэн оһуобай суох, – диир кини,
– Бу, ааспыт күһүнү быһа үлэлээн отделениебар саӨа олохтонор кормацеҕы монтажтаан бүтэрэн кэлэн олоробун. Аны, дьэ, дьиҥнээх бэйэм үлэбинэн дьарыктаныам. Бу үүммүт 12 пятилеткаҕа биһиги совхозпутугар туорахтаах культураны ыһыы кэҥээбэт. Сүнньүнэн уруккутунан хаалар дииллэр. Быйыл эмиэ 350 гектарга туорахтаах культураны ыһан, гектарыттан 76 центнер үүнүүнү ылан, валовойунан 266 тонна бурдугу үүннэриэхтээх. Ол да буоллар биһиги хайаан итиннэ эрэ сытыахпытый, ааспыт сыллардааҕы таһыммытыттан түспэт, а.э. биирдии гектартан 10-нуу центнертан итэҕэс үүнүүнү ылбат былааннаахпыт.
– Звеноҥ дьоно кимнээхтэрий? -мин ыйытабын.
– Быйыл эмиэ, бу саҥа армияттан кэлбит А.Большаков, С.Власов диэн эдэр уолаттары кытта үлэлиирим буолуо, – диэн салгыы кэпсиир Егор Степанович. – Урут үлэлээбит уолаттарым быйыл онус кылааска үөрэнэллэр. Онон экзаменнарыгар мэһэйдэтэн кыайан кэлбэттэр. Сотору техникабытын тыыран биэрдэхтэринэ кыһыҥҥы агрономическэй дьаһалларытын олохтооһуҥҥа киириэхпит. Быйыл хаар чараас. Онон бааһыналарбыт хаарын чиҥэтииттэн саҕалыыр былааннаахпыт. Ол кэнниттэн уоҕурдуу таһыыта, сиэмэбитин иккистээн ыраастааһыммыт үлэлэрэ кэлиэхтэрэ. Уопсайынан үлэ үтүмэн, ол гынан баран билигин даҕаны сөптөөх кэмигэр техника тыырылла охсон биэрбэккэ моһуоктуур. Быйыл севооборотка киирэрбитинэн сибээстээн дьэ, толору хааччыйаа инилэр. Ааспыт сылга биригээдинэй бэдэрээтинэн үлэлээбиппит үчүгэй курдук этэ да, онтон төһө барыһы, ночооту ылбыппыт баччааҥҥа диэри биллэ илик. Ол да буоллар, быйыл ити ньыманан үлэлиир, итини өссө сайыннарар былааннаахпыт.
– Сөпкө этэҕин, – диэн мин тыл кыбытабын.
– Чэ, ити курдук, итиэннэ тугу үксү кэпсэниллиэй. Саас да ыраатан эрэр, хайыы-үйэ 60-мар чугаһаатым. Ону бачча үчүгэй олоххо инньэ диэх баар дуо, муҥ саатар бу пятилетка устата үлэлээн муӨнаныллыа буоллаҕа дии, – диэн Егор Степанович бэйэтин сэһэнин түмүктүүр.
Итинник киһи биһиги Егор Степановичпыт. Киниэхэ совхоз салалтатын өттүттэн техника үлэһит илии өттүнэн көмө эрэ наада. Уоннааҕытын бэйэтэ да иннин-кэннин быһаарынар, туруоруллубут соругун лоп-бааччы толорунар механизатор. Дьэ ол иһин, кинини бар дьоно «Биһиги Дьөгүөрбүт» диэн ааттыыллар, бааһына эрэ баһылыга, үрдүк үүнүү эрэ маастара буолбатах, бары үлэҕэ барытыгар дэгиттэр үлэһит быһыытынан сыаналыыллар.
Уобаластааҕы 34-с партийнай конференция делегатыгар «Таатта» совхоз Чөркөөхтөөҕү отделениетын үрдүк үүнүүтүн маастарыгар, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр Егор Степанович Большаковка уһуга биллибэт өссө киэҥ суолу баҕарыаҕыҥ.
Л.Ючюгяев, «Коммунист» хаһыат, 16/I-1986 сыл.
Биһиги колхозпут коммунист аатын үрдүктүк тутар
(Тимир көлөнү тэһииннээн)
Кини хара оҕо эрдэҕиттэн техниканы, механизацияны олус таптыыра. Ити тимир көлөлөр, тимир тэриллэр тула улааппыта. Хороччу улаатаат оччотооҕу МТС линиятынан трактористар курстарыгар үөрэнэн тракторист буолбута. Онтон ыла бу баҕарбыт, таптаабыт тимир көлөтүн тэһиинин дьэ эрэллээхтик туппута. Кэлин массыынаҕа, комбайҥҥа олорор бырааптаммыта. Е.С.Большаков – «Таатта» совхоз үрдүк үүнүүтүн звенотун звеньевойа, республикаҕа киэҥник биллэр механизатор. Уһун бириэмэҕэ үрдүк таһаарыылаах үлэтинэн Саха АССР ноуротун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин чиэстээх аатын ылбыта. Үлэ албан аатын үһүс уонна төрдүс степеннээх орденнарынан, хас да медалларынан наҕараадаламмыта. ССРС Норуотун хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын кыттыылааҕа. Совхоһугар А.Богатырев аатынан бириэмийэ лауреата.
Отучча сыллааҕыта этэ. Оччотооҕу Ленин аатынан колхоз сүөһүгэ дороххой аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ техника, механизация күүһүн саҥардыы киллэрэн эрэрэ. Бастаан утаа от үлэтигэр боруоба кэриэтэ толорута суох механизациялаах звенолар тэриллэн үлэлээбиттэрэ. Олор сорохторо күүтүллүбэтэх үрдүк көрдөрүүлэрин ситиһэн барбыттара. Инньэ гынан оччотооҕу наар илиинэн, муҥутаатаҕына көлө охсорунан, мунньарынан оттуур колхозтары улаханнык соһуппута, үөрдүбүтэ.
Бу колхоз территорията ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо холбонор талыы-мааны Таатта үрэх биир саамай киэҥ-куоҥ, көнө ньуурдаах хонууларын хабар. Ону таһынан манна Наммара, Дьиэбэгэнэ диэн оттонор киэҥ ходуһалардаах от үрэхтэр киирэллэр. Аны арыынан-сыанан алла сытар ааҕан сиппэт алаастардаах. Итилэр бары остуол ньуурун курдук көбүс-көнөлөр. Айылҕа барахсан ол курдук бэйэтэ кичэйэн, бүөбэйдээн оҥорбут, тупсарбыт маанылаах дойдута. Аныгы күүстээх техника араас эгэлгэ механизацияны холбоно-холбоно төһө баҕарар сүүр-көт диэн ыҥыра сытар курдуктар.
Дьэ ол иһин колхоз от хомуурун үлэтигэр механизация күүһүн сылтан сыл ахсын ордук улаатыннаран, элбэтэн испитэ. Аны толору механизациялаах звенолар баар буолан барбыттара. Бастакы биир оннук звенону Егор Степанович Большаков салайбыта. 1957 сыллаах от хомууругар кини звенота колхозка, оройуоҥҥа эрэ буолбакка, бүтүн республикаҕа киэҥник биллэр-көстөр үрдүк ситиһиилэммитэ. Ону хайдах ситиспитин журналист Ф.С.Донской «Кыым» хаһыакка суруйбута, онтон аналлаах брошюра оҥорон республикаҕа кэпсээбит. Е.Большаков оттуур ньыматын көрө республика араас орйуоннарыттан делегациялар быыстала суох кэлитэлээн барбыттара. Бу строкалары суруйааччы оччолорго колхозка партком секретарынан үлэлиирим. Техниканы, механизацияны дэгиттэр баһылаабыт бу үүнэн эрэр үлэһит уолу улаханнык өйүүрбүт. Хаһан баҕарар кини улахан хоннохтоохтук үлэлииригэр суол аһарбыт, техниканы, сири үрдэ суох биэрэрбит. Сиһилии кэпсэтэрбит, сүбэлэһэрбит. Онно туруорсар этиилэрин, көрдөһүүлэрин хайаан да толоро сатыырбыт.
Егор Степанович Коммунистическай партия кэккэтигэр киирбитэ. Эдэр коммуниһы партия тутулугар, үлэтигэр-хамнаһыгар аҕа табаарыстара, кырдьаҕас коммунистар сыламтата суох үөрэппиттэрэ. Кини коммунист буолуоҕуттан үлэтэ-хамнаһа өссө күүһүрбүтэ. Барыта 15 сыл тохтообокко толору механизациялаах звенотун салайбыта. Онно көрдөрүүтүн хас сыл ахсын тупсарбыта. От үлэтигэр колхоһугар, онтон совхозка үгүс сылларга оройуоҥҥа чемпионнаабыта.
1972 сыллаахха үрдүк үүнүү звенота тэриллибитэ. Ити улахан сыаллаах-соруктаах звенону салайарга совхоз салалтата Егор Большакову анаабыта. Кини ити звенотун икки пятилеткаттан ордук кэмҥэ салайан, күн бүгүнүгэр диэри илдьэ кэллэ.
Үрдүк үүнүү звенота тэриллээт да биллэр-көстөр үлэлэри ыыппытынан барбыта. Ньыарха, Тана, Халамнаайы уо.д.а. элбэх бурдук ыһыллар бааһыналар саҥардыллан оҥоһуллубуттара, таҥастаммыттара. Органическай, минеральнай уоҕурдуулары таһынан кыһыҥҥы хаары типтэрии, катоктааһын, бурдук ыһыллар бааһыналарын төгүрүччү бүтэйдээһин о.д.а. элбэх үлэлэр ыытыллыбыттара. Ити түмүгэр сир быйаҥыттан туһаныы сыыйа улаатан барбыта.
Ордук үчүгэй көрдөрүүлэри звено 1975-76 сылларга ситиспитэ. Ити сыллардааҕы үлэлэр көрдөрүүлэринэн звено салайааччыта Е.Большаков бастакы сылыгар Һлэ албан аатын үһүс степеннээх, иккис сылыгар иккис степеннээх орденнары утуу-субуу ылаттаабыта. Ол да кэнниттэн звено сыллата куһаҕана суох түмүктэри ситиһэр.
Аҥардас уон биирис пятилетка сылларыгар үрдүк үүнүү звенотун күүһүнэн 500 гектар кырыс сирэ үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥоһуллан туһаҕа бэрилиннэ. Звено агрономическай дьаһаллар былааннарын эҥкилэ суох, мэлдьитин аһара толорор. Ол эрэ күүһүнэн сиртэн үрдүк үүнүүнү ылары ситиһэр. Пятилетка сылларыгар туорахтаах культуралартан гектартан ортотунан 11 центнер бурдугу ылла. Ити иһигэр 1984 сылга гектартан ортотунан пятилетка бүтэһик сылыгар эмиэ куһаҕана суох көрдөрүүлэннэ.
Егор Степанович оту оттуур, бурдугу үүннэрэр, эбэтэр механизацияҕа үлэлиир эрэ буолбатах. Ордук коммунист буолуоҕуттан күн бүгүнүгэр диэри араас элбэх общественнай үлэлэргэ активнайдык кыттар. Олохтоох Совет бастайааннай депутата. Һгүс сылларга исполком чилиэнинэн, бастайааннай комиссия председателинэн, сороҕор партком чилиэнинэн хайаан да быыбарданар. Ол быыһыгар аҕыйаҕа суохтук оройуон Советын депутатынан, партия райкомун чилиэнинэн быыбардаммыта. Уобаластааҕы 28-с партийнай конференция Е.С.Большакову ССКП уобаластааҕы комитетын чилиэнигэр кандидатынан талбыта.
1984 сыллаахха сааһынан бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта. Ол гынан баран кини сынньалаҥҥа бардым диэн үлэттэн кыратык да тохтуу илик. Хата, дьэ ордук эдэригэр түспүт курдук үлэлиир-хамныыр. Совхоһун салалтата быйыл күһүҥҥүттэн Хадарҕааччы ферматыгар сүөһү аһылыгын оҥорор сыаҕы оҥорууга, үлэҕэ киллэриигэ көмөлөһөрүгэр көрдөспүтүн, Егор Степанович үөрүүнэн ылыммыта. Өссө саҕалана илик, иннэ-кэннэ ханна баара көстүбэт ити үлэҕэ, этэргэ дылы, икки харытын ньыппарынан баран түспүтэ.
Манна кини техникаҕа, механизацияҕа сыһыаннаах, атыннык эттэххэ, тимир өртүгэр үлэлэри бүүс-бүтүннүүтүн бэйэтэ билэн-көрөн оҥордо, үлэҕэ киллэрдэ. Оту, соломону, дулҕаны, талаҕы кырбатарга-мээккэлииргэ хас да агрегаттары оҥордо, таҥна. Аны ол кырбаммыт астары смесительгэ тиэрдии, оҥоһуллан тахсыбыт аһылыгы сүөһүгэ тиэрдии бүтүннүүтэ механизация, техника күүһүнэн толоруллар.
Һйэлээх сааһыгар техникаҕа үлэлээн, элбэх идэлэри баһылаата. Бэйэтэ бэртээхэй сварщик, киһи тэҥнэспэт слесара, токара. Инньэ гынан үөһэ этиллэр оҥоһуктары барытын бэйэтэ тутан-хабан, быһан-отон кыладыйда. Ол эрээри ханнык эрэ соҕотох буолтаттан эбэтэр биир эмэ гайкаттан иҥнэн, олорор кыайан көстүбэккэ, оо, уһун да бириэмэтэ сүтэн абарда буоллаҕа. Совхоз мастарыскыайыгар талбыт саппаас чааһын баар буолуо дуо. Дьэ ол иһин наада буолар чааскын барытын бэйэҥ буллаххына эбэтэр оҥордоххуна сатанар.
Олору барыларын буларын булан, оҥоһулларын оҥорон аһылык оҥорор сыаҕы сэтинньи ыйга үлэҕэ киллэрбитэ. Онтон ыла отделение 500-кэ сүөһүтэ тупсарыллыбыт, балансаламмыт эбии аһылыгы аһыы турар. Егор Степанович билигин даҕаны бу оҥорбут сыаҕын таһыттан арахса илик. Һлэ процеһыгар көстөр итэҕэстэри-быһаҕастары көрөр, олору туоратар. Онон сыах үчүгэйдик үлэлиирин ситиһэр. Егор Степанович оннук киһи.
Н. Васильев, «Кыым» общ. корр., 31/I-1986c.
Егор Большакову көрүстүм
Хадарҕааччы – «Таатта» совхоз киин отделениетын ынах сүөһүтэ турар сүрүн комплекса.
– Егор Степановиһы хантан булабыт, – аһылык сыаҕын таһыгар үлэлии сылдьар уолаттартан ыйытабыт.
– Аһылык тарҕата барбыта, – диэн эппиэти истэбит. Биһиги «Юбилейнай», «Сарыал-1», «Сарыал-2», «Илгэ» диэн суруктаах сүүһүнэн ыанньык ынах турар хотоннорун истэрин-тастарын ааһыталыыбыт. Бүтүн МТЗ трактордаах дьону манна булбатыбыт. Сыах үлэһиттэрэ бөөлүүн оҥорбут аһылыктарын ынахтарга субу аҕай тарҕаппыттарын, бэрт минньигэстик күрдүргэтэ тураллар. Ыанньыксыттар хайыы үйэҕэ ынахтарын ыы сылдьаллара. Ааһан иһэн, быһыта-орута кэпсэттээххэ, ынахтар кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэллэрин, ырыганнааһын суоҕун, маассабайдык төрөөһүннэрэ саҕаламмытын үөрэ-көтө кэпсииллэр.
– Ээ, киһигит Көрдүгэннээбитэ. Кэлэрэ чугаһаата ини, – диэтэ кочегар котельнайы таарыйбыппытыгар. Көрдүгэн фермата мантан биэс км тэйиччи сиргэ турар. «Көр, маладьыастарыҥ оҥорбут астарыттан онно баар сүөһүлэри матарбаттар эбит ээ. Саамай сөптөөх дьыала», – дии саныыбын.
– Оттон ити туох дьиэтэ турарый?
– Күөх үүнээйи сыаҕа. Дьиэҕэ киирэргин кытта сииктээх сылаас салгын сирэйгэ ил гынар. Күөх от минньигэс сыта дыргыйар. Дьиэ анараа төбөтүгэр И.А.Аммосова, И.Н.Варламов сарсыарда баһыллан ылыллыбыт күөх үүнээйи оннугар саҥаны ыһаары сылдьаллара.
Быйыл мэлдьитин кэриэтэ мөлтөх хаачыстыбалаах отунан кыстаатыбыт, онон күөх үүнээйи сүөһүгэ абырала улаатан, бу үлэлэрин ыкса сааскыга диэри тохтоппот сыаллаахтар.
Кэпсэтэн бүтэн тахсарбытыгар Егор Степанович Көрдүгэнтэн кэлбит этэ. Мөлтөх хаачыстыбалаах от, дулҕа мээккэтин улахан прицепкэ толору тиэйэн аҕалбытын сыах тас бункерыгар сүөкүү тураллара. Ону транспортер өрүһүспүттүү бокуойа суох дьиэ иһигэр киллэрэн иһэрэ.
Егор Стеапанович Большакову бэркэ билэр киһибин көрсүбэтэҕим, налыччы сэһэргэспэтэҕим номнуо ырааппыт. Киһим 60 сааһын субу туолаары сылдьар эбит. Таһыттан көрдөххө кырдьыы хаһыҥа ханан да биллибэт. Арай баараҕадыйбыт. Билэбин кини үтүө, бухатыыр киһитин. Ханнык да үлэҕэ анаа, ол сиригэр булгу үтүө көрдөрүүнү ситиһиэ диэн эрэнэн кэбис. Кини оннук туспа, уһулуччу үчүгэй хаачыстыбалаах. Һлэлээн кэлбит суола-ииһэ ону толору туоһулуур. 40 сыллааҕыта трактор-тимир көлө тэһиинин эрэллээхтик туппута. Аҕыйах сыл буолаат, республикаҕа киэҥник биллэр тракторист буолбута. Јссө 35 сыллааҕыта республикаҕа кэлим мехнизация күүһүнэн оттооһуҥҥа бастакынан албан аатырбыта. Онтон ааспыт икки пятилеткаларга үрдүк үүнүү звенотун салайбыта. Онно үрдүк үүнүүнү ылан, эмиэ албан аатырбыта. Ол звенотун билигин да салайар. Онтон бу аһылык улахан сыаҕын үс сыллааҕыта бэйэтэ бырайыактаан, монтажтаан эӨкилэ суох үлэлиир гына совхозка оҥорон биэрбитэ. Быйылгы кыстыкка киириэхтэн аны манна бэйэтэ үлэлии сылдьар. Звенота номнуо «Урал» мотоцикл фондатынан бириэмийэлэммит.
Е.С.Большаков кырдьаҕас коммунист, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамятын, Үлэ албан аатын II, III степеннээх орденнар уонна элбэх медаллар кавалердара. ССКП райкомун чилиэнэ, оройуоннааҕы Совет депутата.
– Кэпсээ диигин дуу, ол мин үлэ киһитэ дьону кэрэхсэтэр туох кэпсээннээх буолуохпунуй? Арай күн тура-тура сиспин көннөрбөккө да үлэ үөһүгэр сылдьабын, – диир дорҕоонноох куолаһынан. Балаҕан ыйыгар совхоһум салалтата чахчы ыарахан кыстык кэлэр буолла, онон аһылык оҥорор сыаҕы бэйэҥ илиигинэн-атаххынан тутан үлэлэтэн көр диэн эппиттэрин ылынан бу сылдьабын.
Звено эбии аһылыгы суукаҕа иккитэ-үстэ оҥорон таһаарар. Биир сырыыга алта тонна ас. Кыһын устата 1780 тонна эбии аһылык оҥорорго ылыммыт эбэһээтилистибэлэрин муус устар бастакы күннэригэр толорбуттар.
Егор Степанович общественнай сүөһү кыстыга “Таатта” совхозка дьон бүттүүнүн дьыалата буолбутун туһунан итэҕэйбитин туһунан кэпсиир. Нэһилиэнньэ бүтүннүүтэ кыстыкка турунна. Оскуола оҕолоро кыһыны быһа ас тобоҕо бөҕөнү фермаҕа таспыттар. Пенсионер оҕонньоттор, тохсунньу амырыын тымныытын аахсыбакка туран, куйуурдаан ыран эрэр сүөһүлэргэ мундуну таспыттар. Е.П.Жерготов кырдьаҕас соҕотоҕун икки тоннаны, В.В. Огонеров, Г.Г.Решетников биирдии тоннаны туттарбыттар. Итинтэн мөлтөх туруктаах сүөһүлэр түргэнник тупсан, чөллөрүгэр түспүттэр.
– Уу суох буолла. Халыҥ хаарынан үллүнэ сытар күөлгүн көрүмэ. Уута сытыйан, оннооҕор сүөһү сирэн испэт буолан эрэр, – Егор Степанович иһигэр улаханнык дьиксинэр санаатын таска таһаарар. – Киһиргээн эппэппин күһүн сир лаппа тоҥмутун кэннэ «Окумал», «Мойуона», «Уорҕа» күөллэрин уонна «Быладыйа» улахан чүөмпэ ууларын Таатта үрэҕэр насоһунан бырахтарбытым. Ол сирдэр уулара үрэх устун таҥнары устан кэлэн, ити дэриэбинэ аллара өртүгэр баар быһыкка иҥнэн, бөһүөлэк анныгар тиийэ өрө аспыта. Онтон муустанан, ууланан кыһыны билбэккэ туораан эрэбит.
Аһылык сыаҕар тохсуолар. Ордук үөрүүлээҕэ – Егор Степанович аҕыйах сылтан бэттэх уолаттарын бэйэтин кытта илдьэ сылдьан үлэлэтэрэ. Онтулара үлэһит бөҕө буолбуттар. Манна баар уолаттарыттан убайдара Руслан идэтинэн тракторист, шофер, сварщик ааттааҕа. Алеша армияттан сулууспалаан кэлээт, эмиэ трактористыыр. Оттон Степалара шофер, тракторист идэлээх.
– Кэлэр күһүҥҥэттэн бу аһылык оҥорор сыаҕы дьиэ кэргэн бэдэрээтигэр ылан үлэлэтиэм, – диэн Е.С.Большаков ис кистэлэӨин арыйан кэпсээн барда, – билигин биһиги манна төрдүөбүт, ону таһынан тастыҥ чугас аймахтарым бааллар. Аны механизатор күтүөттэр атын үлэҕэ сылдьаллар. Олору бэйэбэр аҕалтыам. Оччоҕо аһылык сыаҕын үлэлэтэр дьиӨнээх дьиэ кэргэн Большаковтар звенолара холкутук тахсыаҕа.
– Саамай сөпкө былааннаммыккын. Кытаат, ити баҕа санааҕын хайаан да олохтуу сатаа, – диэн көх-нэм буолабын. Ити курдук ССКП КК кыстыгы тэрээһиннээхтик түмүктээһиҥҥэ, сүөһүттэн үрдүк бородууксуйаны ылар иһин таһаарбыт ыҥырыытын олоххо киллэриигэ коммунист Е.С.Большаков бэйэтин кылаатын киллэрсэр.
Н.Васильев, «Кыым» общ. корр., 4/V-1988 сыл.
УОЛАТТАРЫН БАТЫҺЫННАРАН…
(Кэскиллээх дьаһаныы)
Чөркөөх олохтоохторо үгүстэрэ Большаковтары кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ билэллэр. Егор Степанович сааһын тухары бурдук үүннэриитигэр үлэлээбит буолан, уолаттарын батыһыннара сылдьан, механизатор мындыр идэтигэр уһуйбута.
Ол эрээри сорох дьон Егор Степанович уонна кини оҕолоро таһаарыылаахтык үлэлииллэрин көрө-көрө, улугуруу сылларыгар өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалбыт толкуйдааһыннарынан: «Бу дьон үлүмнэһэн үлэлээн, тус бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын байытарга, биһигиттэн чорбойорго эрэ дьулуһаллар…», – диэн онно суоҕунан ымсыыраллара. Оннук санааһын Большаковтар өссө өрө күүрүүлээхтик, ордук күргүөмнээхтик үлэлииллэригэр охсуулаах буолуон сөп. Ону тэҥэ үчүгэй сир биэрбэттэрэ биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар улахан мэһэйинэн буолар. Ол курдук, Ньыарха уонна Омоллоон диэн ходуһаларга уон гектар сири анаабыттара. Ону даҕаны кырыы, туһата суох сирдэри. Быйыл кураан буолан, аһыҥа өрө туран, санаабытын эмиэ түһэрдэ. Ол эрэрээри күүспүт кыайарынан үлэлээбиппит курдук үлэлии сылдьабыт, – диир Егор Степанович. – Мин аҕыс оҕолоохпун: икки кыыс, алта уол. Бэйэм уонна уолаттарым билигин түөрт бааһынай хаһаайыстыбалары тэрийдибит. Уруу-аймах дьон эйэ-дэмнээхтик, туох да диэн айдаарсыбакка, сүбэбитин түмэн, үлэлиир сыалы-соругу туруорунабыт. Төһө да үчүгэйдик үлэлии сатаабыппыт иһин, уматыкпыт уонна оҕунуохпут суоҕа улахан мэһэйдэри үөскэттэ. Сыана олус үрдээн, уматыгы, оҕунуоҕу була охсор олус күчүмэҕэй.
Егор Степанович билигин кыра уола Алексей тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбатыгар киирэн, Ньыархаҕа өбүгэтин ходуһатыгар, хонон-өрөөн үлэлии-хамныы сылдьар.
«Кыым» хаһыат, 22/VIII-1992 cыл.
Миигин үлэҕэ ииппитэ-үөрэппитэ
Большаков Егор Степанович 1929 сыллаахха Ханньас нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үс саастааҕар төрөппүт аҕата Ыстапаан Халгаев олохтон баран, тулаайах хаалар. Онтон икки сыл буолан баран ийэтэ Күнээйи нэһилиэгэр, Большаков диэн киһиэхэ эргэ тахсан Хатыҥ Халлаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Кини үөскээбит олорбут сирэ Наммара үрэҕэ уонна Ньыарха. Онно олордохторуна ииппит аҕата Дьөгүөр 11 саастааҕар өлөр. Ийэтэ Сидоров Дьөгүөр Макаарабыс диэн киһилиин саҥаттаан олоҕун оҥостор. Мин Дьөгүөрү ити кэмтэн, Хатыҥ Халлаҕа кэлиэҕиттэн ыла билэбин. Миигин кыра уолу көрөрө-истэрэ, убайа суох киһиэхэ убай буолбута. Оҕолору кытары сөтүөлүү барарбытыгар, сүктэрэн иһэн, оҕолору ситтэрээри санныттан ытырбыппын, киһим сиргэ илгэн кэбиспитэ бу баар курдук. Суолтата да суох буоллар, оҕо саас күндү өйдөбүлэ буоллаҕа. Убайым Чөркөөх 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэн иһэн, 6-c кылаас кэнниттэн уурайан «Бойобуой» колхозка үлэлии киирбитэ. МТС-ка трактористар курстарыгар үөрэнэн кэлэн, бастаан ХТЗ тракторга үлэлээбитэ. Ити үлэлии сылдьан Дьокуускайга комбайнердар курстарыгар барбыта. Үөрэҕин бүтэрэн Орджоникидзе оройуонугар Улахан Аан диэн сиргэ үлэлии барар. Онно үс сыл үлэлээн баран, Иванова Анфиса Петровналыын ыал буоланнар, Дьөгүөр дойдутугар көһөн кэлэллэр. Ити 1952 сыл. «Сталин» колхозка ДТ-54 тракторга үлэлиир. Кэргэнэ балыыһаҕа санитаркалыыр. Чөркөөххө кэлэн улахан уол Гена төрөөбүтэ, онтон утуу-субуу 6 уол, 2 кыыс оҕоломмуттара. Армияҕа барыам иннинэ киниэхэ тракторга прицепщигынан үлэлээбитим. 1957 сыллаахха Армияттан кэлэн баран эмиэ прицепщигынан Дьөгүөр тракторыгар үлэлээбитим. Дьөгүөр «Ленин» аатынан колхозка сайынын механизированнай звенону салайан үлэлэтэрэ. ДТ тракторынан биэс косилканан от оҕустаран оройуоҥҥа бастаабыта. СК-4 комбайн базатыгар бэйэтэ хаамар от кэбиһэр оҥорбута. Ону туһанан хас да сыл Ханньас алаастарыгар, бэһиэ буолан сезоҥҥа 350 тонна оту оттуур этилэр. Ити кэмҥэ Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута. Ити кэнниттэн үрдүк үүнүү звенотун салайбыта. «Үлэ албан аатын» иккис, үһүс истиэпэннээх, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннар кавалердара буолбута. Үрдүк үүнүүнү ылыыга оройуон хас да төгүллээх чемпиона, үгүс төгүллээх социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа. Элбэхтэ бу куоталаһыыга илин-кэлин түһүспүппүт. Бэйэ бэйэбитигэр көмөлөсүһэр этибит. Х.И.Кашкин директордаах «Таатта» совхоз эрдэхпитинэ, кырыс сири туһаҕа таһаарыыга, Даайа Аммата бастаан тэриллиитигэр биригээдэни салайан үлэлэппитэ. Пенсияҕа тахсан баран уолаттарын кытта бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Егор Степанович миигин үлэҕэ ииппит-үөрэппит, убайым тэҥэ саныыр күндү киһи этэ. Ол кэминээҕи олох ирдэбилинэн, Дьөгүөр коммунистическай партия үлэһитэ этэ. Оройуон партийнай пленумун чилиэнинэн талыллыбыта. Саха АССР партийнай пленумугар иккитэ талылла сылдьыбыта.
Ахтыыны суруйда Нил Федорович Никитин.
Умнуллубат доҕорум
1956 сыл муус устар ый бүтүүтэ Сталин уонна Ленин аатынан колхозтары холбоон бөдөҥсүйбүт Ленин аатынан колхоз тэриллибитэ. Райсовет исполкомун солбуйар бэрэссэдээтэлэ П.В.Неустроев бэрэссэдээтэлинэн ананан талыллыбыта. Солбуйааччынан учуутал-фронтовик П.М.Ефимов, партком сэкэрэтээринэн учуутал Е.И.Собакин, комсомол сэкэрэтээринэн Евдокия Булдакова, Чөркөөх учаастагын сэбиэдиссэйэ Константин Петрович Охотин үлэлээбиттэрэ. Кыйыга Василий Кириллович Сабарайкин, механизация сэбиэдиссэйинэн Федот Дмитриевич Захаров, кылаабынай механигынан Нестер Васильевич Егасов, прорабынан Афанасий Тарасович Анисимов ананан үлэлээбиттэрэ.
Үлэни тэрийиигэ дьоҕурдаах, ирдэбиллээх салайааччы колхоз бары салаа үлэлэрин ситиһиилэрэ эриэ-дэхси биллэн испитэ.
1956 сыллаахха Кыйы учаастагар Куталаахха 100 миэстэлээх саҥа хотон тутуллан бүппүт.
Электростанция үлэлэтиллэн пилораманан маһы хайытыы, киһи-сүөһү сиир бурдуктарын мельницанан дробилкалатан, саҥа үүммүт бурдугу ыраастааһын, куурдуу, оҕуруот аһыгар-хаппыыстаҕа уу куттарыы буолара. Чөркөөххө механизатордар 6 миэстэлээх гарааһы саҥа маһынан, эргэ дьиэлэри көтүрэн уус, ыскылаат дьиэлэрин туппуттара.
Хадарҕааччыга ыччат комсомольскай ферматыгар толору механизациялаан үлэҕэ киллэрбиппит.
От үлэтигэр 1956 сыллаахха Чөркөөххө, Кыйыга биэстии КС-2 тракторнай косилкалар, 6 м ПК параконнай от мустарар кыраабыллары ОСЗ бурдук ыраастыыр, электрическэй уотунан үлэлиир бурдук ыраастыыры булан үлэлэппиппит. Колхоз биир саас ЗИЛ 164, урут баар 150 ЗИЛ, саҥа ЗИС 355 массыыналар, М 72 Победа легковой бааллара.
Үгүс колхозтаахтар олорор дьиэлэри көһөрөн аҕалан туталлара. Сири оҥоруу, бурдук үүннэрии МТС нөҥүө оҥоһуллара. МТС бригадирдара Матвей Михайлович Ордахов Чөркөөххө, Егор Дмитриевич Тараканов Кыйыга үлэлииллэрэ. Кинилэр тутуу маһын таһыыга, сайын от үлэтигэр көмөлөһөр буолбуттара.
1956 сыл сааһыгар Кутту үрэҕэр пилораманы сыарҕа үрдүгэр туруоран Николай Никитич Лопатырев пилорамщигынан, Егор Степанович Большаков маны таһан кылгас кэмҥэ элбэх маһы эрбээбиттэрэ. Бөдөҥсүйбүт Ленин аатынан колхоз үлэ бары көрүҥнэригэр ситиһиилэрэ салалтаттан уонна колхозтаахтар үчүгэй үлэлэринэн, түмсүүлэринэн буолбута, колхоз аата оройуон иһигэр, республика үрдүнэн биллэн-көстөн барбыта.
МТС-тар техникаларын колхозтарга биэрбиттэрэ, биһиги колхозка 9 трактор холбонор техникалара, комбайннар кэлбиттэрэ.
1957 сыллаахха оройуоҥҥа иккис орто оскуола аһыллыбыта, саҥа оскуола тутуутун колхоз бэйэтин күүһүнэн ыыппыта.
Колхозтаахтарга үлэ төлөбүрэ 50% харчынан, 50% дохуотунан аахсыыга киирбитэ. Һлэ үгүс көрүҥнэригэр былааннарын толорбут, аһарбыт үлэһиттэргэ харчынан, натуранан эбии төлөбүрдэр киирбиттэрэ.
Колхоз парткомун сэкэрэтээрэ Н.Т.Васильев Егор Степанович бурдук, от үлэтигэр ситиһиилэрин туһунан киэҥник хабан «Коммунист», «Кыым» хаһыаттарга бэчээттэппитэ.
1958 сыл тохсунньу ыйыгар ССКП Обкомун конференциятыгар делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта. Ол конференция кэнниттэн дойдутугар кэлээри сылдьан колхоз бэрэссэдээтэлэ П.Е.Неустроев эмискэ ыалдьан олохтон туораабыта. Ыар кутурҕаннаах бохоруонанан тиһэх суолугар атаарбыппыт. Олох салҕанан барбыта. Үөһээ салалта тыа хаһаайыстыбатын өрө тардыыга араас дьаһаллары олоххо киллэрии миэстэтигэр толору кыаллыбат этэ.
Ол курдук, төһө да техника элбээн, үлэ тэтимэ үрдээн үгүс тутуу барбытын тыа сирин олоҕо, үлэтэ дьылтан, күнтэн тутулуктааҕа, өҥ, кураан улахан сабыдыаллааҕа. Онуоха суолбут-ииспит суоҕа, оҥоһуллубата, үйэлээх таас тутуулар барбаттара, тымныы дьиэлээх тэрилтэлэр, хотоннор, гаражтар, элбээбит техникалары көрүү, харайыы, базалар суох буолан, саппаас чааһынан, матырыйаалынан хааччыллыы былааннаахтык толоруллар буолан, механизатордар үлэлииллэригэр ыарахан этэ. Механиктар, инженердар үлэлэрэ умнаһыт дьон курдук буолара. Ол содулугар кэлии специалистар уһуннук олохсуйан үлэлээбэт этилэр. Онон олохтоох анал үөрэҕэ суох механизатордар механик, инженер дуоһунаһыгар үлэлииллэрэ ыарахаттардаах этэ.
Е.С.Большаков өр сыллаах сыралаах үлэтинэн бурдук сирин оҥоруунан, үүннэриинэн, хомуйуунан дьарыктаммыта, от үлэтигэр механизированнай звенону тэрийэн үлэлээһиҥҥэ өр сыллаах ситиһиилэрэ колхоз, совхоз, оройуон салалтатынан өйөнөрө, сыаналанара. Салалта бииргэ үлэлиир табаарыстарын, билэр дьоннор ытыктабылларын ылара. Кини үлэҕэ ситиһиилэрин бастыҥ опыт быһыытынан олоххо киллэрэллэрэ. Саҥаны, бастыҥы олоххо киллэриигэ утумнаахтык үлэлиирэ. Бэйэтэ хас да рационализаторскай этиилэрин олоххо киллэрбитэ. Кини колхозка, совхозка механизаторскай кадрдары үөрэппитэ.
Биир сыл Чөркөөххө иһэр уу суох буолбутугар арҕаа кыра күөллэри, улахан чүөмпэни насостарынан хачайдатан кыстыгы сыл таһаартарбыта. Чээнньийэ күөлүн толорууга үлэлээбитэ. Амма кырыс сирин туһаҕа киллэрээри Даайа Амматыгар үлэлээбитэ.
Билигин баар Егор Стеапнович Большаковтуун үлэлээбит табаарыстара, үөлээннэхтэрэ, бодоруспут доҕотторо кэриэстиибит, умнубаппыт. Ол буолар Егор Степанович олорон ааспыт олоҕун ситиһиитэ.
Ахтыыны суруйда Николай Дмиртиевич Мосорин,
ахсынньы 1 күнэ, 2009 сыл, Чөркөөх.
ДЬИҤ ЧАХЧЫ ҮЛЭ ГЕРОЙА ЭТЭ
Егор Степанович Большакову олох өрдөөҕүттэн билэрим. Кэлин 60-ус сыллар бүтүүлэрэ трактористыы сылдьан Кыйыттан Чөркөөххө үүт собуотугар үүт таһа сылдьан кыһын үүппүт ытыллан бүтүөр дылы Чөркөөхтөр гаражтарыгар тракторбын угарым, онно үксүгэр Егор Степанович баар буолара. Ортоку арыый аннынан уҥуохтаах хараҥа гынан баран кыаһаан хааннаах, толору эттээх-сииннээх, эт лыхса улахан суон куоластаах, бааҕынаан саӨарар киһи этэ. Ону толло, дьулайа көрөрүм. Һксүн бөһүөлэккэ уот биэрэр дизели өрөмүөннүүрүн өйдүүбүн. Ити кэмҥэ Ленин аатынан колхоһу Аммалары, Победалары кытта холбообуттара. Бу холбоһукка Чөркөөхтөр улахан утарсыыны оҥорбуттара, онтон биһиги биир күннээх мунньаҕынан сөбүлэһэммит Чөркөөхтөр соһууга баран, куоласка кыаттаран кыһыылара-абалара улахан этэ. Сүрдээх хас да күннээх сытыы киирсиилээх мунньах Чөркөөххө буолбуттааҕа. Аанньаҕа даҕаны Мэхээлэ Дьоҕууһабы Упхолов диэн ол быдан иннинэ Чөркөөх Дьиэбэгэнэтигэр үлэлээбит Минсельхоз эппиэттээх үлэһитэ: «Эн лэппээски тойоно саҥата суох олор», – диэ дуо. «Кыйылар ньаалбааннаан кыаттаран холбостугут»- диэн элбэхтэ сирэй-харах анньыллыбыппыт баара. Онон Чөркөөх гарааһыгар кыһалҕаттан эрэ оҥостор эҥин буоллахпына, толло-толло баран киирэрим. Ол гынан баран, бу киһи көрө-көрө толлор киһитэ Дьөгүөр, биирдэ да миэхэ баргыйбытын өйдөөбөппүн, хата наадйар күлүүстэрбин уларсан абырыыра. Онтон 1976 сыллаахха агроном үөрэҕин бүтэрэн Чөркөөххө саҥа тэриллибит совхозка главнай агрономунан кэлбитим. Дьэ, итинтэн ыла кинини эн-мин дэсиһэн бииргэ үлэлээн билбитим. Ити кэмҥэ Дьөгүөр үлэтэ тахсан үгэннээн сылдьара. Хайыы үйэ «Һлэ албан аатын» үһүс степеннээх орденын ылан өрө күүркэйэн үлэлиирэ. Туора Күөлгэ Н.П.Никитин эмиэ аатыран, орденнаах киһи үлэлээн бурдук бөҕөтүн үүннэрэрэ. Оройуоҥҥа бурдук үүннэриитигэр «Таатта» совхоз куруутун бастыыра. Онно бу икки убайдыы-бырааттыы дьон өҥөлөрө тугунан да кэмнэммэтэ чахчы.
Егор Степанович олус көнө, чиэһинэн майгылаах этэ. Сыыһаны-халтыны сөбүлээбэтин сүрдээх суон куолаһынан итийэн-кутуйан туран тута сирэйгэ этэрэ. Уонна хаһан да ону тута сылдьыбат, аһарыгас майгылааҕа. Үлэҕэ олус эппиэттээхтик сыһыаннаһара. Наука этиитин олус сэргиирэ, үлэтигэр тутта сатыыра. Ол курдук, оройуоҥҥа биир бастакынан бурдук 5-6 см кэнчээрилиир кэмигэр БСО (чэпчэки сетчатай) тарааҕынан 1977 сыллаахха тарааһыны ыыппыта. Сыыс утары охсуһуу ньымаларын кытаанахтык тутуһуннарара. Саас эрдэттэн технологическай картаны сүбэлэһэн оҥорорбут. Сороҕор «олус ороскуоттаах үлэни эрэйэр», – диэн мөккүһэрэ. Ону «бу сыыс оту өлөрөргө, эбэтэр сииги тутарга хайаан да наадалаах», – диэн быһаардахха сөбүлэһэрэ. Ханна эмэ бурдук үүннэриитигэр туох саӨа киирбитин, оҥоһуллубутун олус сэргиирэ. Ол курдук 1977 сыл кыһын Нам улууһугар опыт атастаһа II Хомустаахха Дьөгүөр массыынатынан бэйэтэ, Нил Федорович уонна мин буолан бурдук ыраастыыр ньыманы билсэ бардыбыт. Аара Аллара-Бэстээххэ заправкаланыахтаахпытын аһары түстүбүт. Аны онно милиция формалаах киһи тохтоппутун ааһа турдубут. Онтон заправка кэннибитигэр хаалбытын хайыахпытый, төттөрү айанныыр буоллубут дии. Били милициябыт эмиэ тохтотто, тохтоотубут. Киһибит “милиция отделениетыгар бардыбыт” диэн буолла. Горючай бүтэн эрэрин этэммит, баран заправкаланныбыт. Онтон отделениеҕа баран иһэн массыынабыт туга эрэ моһуоктаан Дьөгүөр капотун аһаары соно нэлэс гыммытыгар орденнара, мэтээллэрэ килбэс гына түстэ. Милициябыт (ГАИ начальнига эбит этэ), ону көрөөт уларыйа түстэ. Ханна баран иһэрбитин ыйытаат «Чэ, барыҥ, аны милиция тохтоттоҕуна тохтуур буолуҥ», – диэн баран түһэн хаалла. Дьөгүөргэ иккис орденын 1977 сыл бурдук өлгөм үүнүүтүн ылан, биэрбиттэрэ. Ити орден наградной лииһин мин суруйбутум. Биир сирэй лиискэ төһөнү суруйуохпунуй, онон өссө эбии ходатайство диэн киһим үлэтин сырдатан суруйбутум. Ол ходатайство туһалаабыт этэ. Наградной комиссия сорох чилиэттэрэ үһүс степенин былырыын ылбыт эбит диэн утаран турбуттар. Онно В.Е.Кузьмин оройуон партийнай комитетын пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйэ Обком бастакы секретара Г.И.Чиряев «Большаков наградной комиссияны ааһар», – диэн быһаччы этэн кэбиспит. Итини Виктор Егорович обкомҥа үлэлии сылдьан Чурапчы совхозка үлэлии сырыттахпытына, совхоз салалтата барыта мустан олорор мунньаҕар махтанан туран кэпсээбитэ. Намҥа киэһэ совхоз директора Бочкарев диэҥҥэ тиийбиппит, кэпсэттибит. Ити совхозка Чөркөөх киһитэ Василий Трофимович Слепцов үлэлиир эбит этэ, партком секретарынан. Бочкаревпут убайбытын Баһылайы «киһи ырайга барар буоллаҕына, кини барыахтаах», – диэн кэбистэ. Дьөгүөр биир дойдулааҕа оннук улахан сыанабылы ылбытын сөҕө да, үөрэ да истибитэ. Оҕонньрбутугар тиийэн хоммуппут. Олус үөрэн көрсүбүтэ. Ити киэһэ быраата В.Захаров – Маахырыйа кэлэн чэйдээн барда. Онтон салгыы аны Василий Трофимович үөрэппит оҕото кэргэнинээн хотуттан кэлбиттэр, тоӨ балык кэһиилээх кэлэн бардылар. Убайбытыгар наһаа үчүгэйдик хонон туран, сарсыныгар ультразвугунан бурдугу ыраастыыр техниканы, от мээккэлиир агрегаты көрдүбүт. Онтон салгыы Покровскайга айаннаан, Анфиса Петровна убайыгар эбиэттээтибит. Эбиэттэн киэһэ эмиэ Анфиса Петровна бииргэ төрөөбүт быраатыгар Геннадийга тиийэн бурдук, хортуоппуй үүннэриитигэр учуонайдар саҥа киллэрбит ньымаларын билистибит. Төннөн иһэн Чаппаевкаҕа Василий Собакин диэн Дьөгүөр бииргэ үлэлээбит доҕоругар сырыттыбыт да, киһибит командировкаҕа баран хаалбыт буолан кыайан көрсүбэтибит. Ити кэнниттэн кини оҕо эрдэҕинээҕи аата Баппат Баһылай, мин таайым ииппит уола кэннибититтэн эккирэтэн кэлэн Дьөгүөрүн уонна эдьиийим мин ийэбин көрсөн кэпсэтэн-ипсэтэн, дойдутун ахтылҕанын таһааран барбыта. Бу сырыы түмүгүнэн совхозка туруорсуллан саҥа АВМ аҕалыллан таҥыллыбыта. Үлэ технологията тупсарыллыбата.
Егор Степанович наставник быһыытынан элбэх механизаторы үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэппитэ. Ону барытын кини үлэтин дьүккүөрүнэн, илиитинэн бэйэтэ тутан-хабан, көрдөрөн ыччаттарга иҥэрэрэ. Техниканы олус билэрэ, мындыр уус, рационализатор этэ, сварщик бэрдэ. Общественнай үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Совхоһу салайсыбыта диирим бука баһан этии буолбата буолуо. Куруук совхоз үрдүкү салалтата кинини кытта сүбэлэһэрэ.
Даайа Амматын нэһилиэгэ тэриллэригэр олус улахан үтүөлээх. Ол курдук 1978 сыл саас Дьөгүөр, Нил, мин буолан ДТ-75 тракторы Дьөгүөрбүт бэйэтэ ыытан Аммаҕа киирэн Сааскы-Кытылтан Булудьумаҕа дылы сирин-уотун үөрэтэн, бэйэбит ханан талах астаран ходуһа, бааһына оҥорору үс күн устата кэрийэн былааннаабыппыт. Ити кыһын МПК «Мелиовод» тэрилтэни кэпсэтэн үлэтин саҕалаабыппыт. 1979 сыл тохсунньу ыйга Ытык-Күөлгэ «Райсельхозхимия» тэрилтэҕэ солбуйар бэрэссэдээтэлинэн ананан барбытым. Онон салҕыы былааннарбытын бэйэм салайан олоххо киллэттэрбитим. Егор Степанович тэҥҥэ үлэлэһэрэ, кини Маралаах бааһынатын совхоз күүһүнэн биригээдэ тэринэн оҥотторбута. Үлэбит түмүгэр Булудьума, Ытык-Күөл, Сааскы-Кытыл, Даайа уҥуор Ис хочо, Наммаарыйа, Көрдүгэн Хордоҕоһо курдук сүүһүнэн ааҕыллар га иэннээх бааһыналар оҥоһуллубуттара. Ол иһигэр Табалаах куурдар систиэмэтэ, Өргүөт сонуоҕа 135 га иэҥҥэ ардахтатар систиэмэ оҥоһуллубуттара. Бастакы ыһыыны уҥуор Дьөгүөр биһиги салайан ыыппыппыт. Даайа Амматыгар бастакы биригээдэни салайан киллэрэн Егор Степанович бастакы дьиэлэр тутууларын саҕаласпыта. Мин «Холбос» председателэ Д.Попов диэн киһиттэн көрдөһөн биир привозной дьиэни ылан Аллараа Бэстээхтэн Даайаҕа тиэрпитим. Аһары ылбыт этибит, икки дьиэ буола сыспыт этэ, онон эбэн икки саҥа дьиэ тутуллубута. Ити 80-с сыллар саҕаларыгар этэ. Мин Ытык-Күөлгэ ууга баран олорор дьиэм суох буолан, совхозпар төннөн кэлэн агрономнаабытым. Уҥуор ыспыт бурдукпут аһары үүммүтэ. Бурдук өлгөм үүнүүтүн үгүс сыл устатата итиннэ эрэ көрбүтүм. Саҥа тэрээһин элбэх ыарахаттардааҕа, ону Дьөгүөр дьүккүөрэ бэрт буолан кыайара. Бииргэ үлэлиир дьонун адьас биир үтүлүк иһигэр диэбит курдук ыга тутан түмэрэ. Механизатордар олус турунан үлэлиллэрэ. Дьөгүөрү үлэһитин сөҕө көрөн үөрэнэллэрэ. Үлэ-хамнас хаамыытын сарсыарда былааннаан уолаттарыгар чопчу күннээҕи сорудахтары-соруктары хас биирдиилэригэр тус-туһунан быһааран туруорара. Уонна толороллорун күүскэ ирдиирэ.
Биир суолга Егор Степановичка улаханнык махтана саныыбын. Ол манныкка этэ. Уларыта тутуу саҕана дойдубар Кыйыга ананан биир ый курдук управляющайдаабытым. Арай туран совхоз киинигэр көһө сылдьар райком бюрота буолла. Онно туран оройуон муҥур тойоно Г.М.Артемьев «миигин Кыйыны совхозтан араара сатыыр», – диэн буруйдаан биир да ый ситэ үлэлии иликпинэ үлэтиттэн ууратыахха диэтэ. Кырдьык дойдум дьоно мунньахтаан бэйэбит туһунан барабыт, арахсабыт диэн буолбута. Мин утарбатаҕым ону, кэмэ оннук буоллаҕа дии. Арай туран Дьөгүөр ойон туран олус итийэн-кутуйан, кыһыйан туран «Бу туох алдьархайай, биир да ый ситэ үлэлэппэккэ эрэ киһини устаргыт, норуота туруммутун кини да хайыаҕай», – диэн көмүскэһэн үрдүкү тойоттору кытаанах-кытаанахтык саҥарда. Бюро үлэбэр хаалларда. Дьөгүөрүм көмүскэһэн кэлин пенсияҕа тахсан уурайыахпар дылы, төрөөбүт Кыйыбын салайсыбытым. Онон аҕа доҕорбор Егор Степановичка махталым үйэм тухары умнуллуо суоҕа. Көр, ол курдук кэлии дьон олохтоох кадрдары харыстаабат этилэр.
Дьөгүөр олус үөрүнньэҥ, уйаҥ дууһалааҕа. Биирдэ кыыһырсыбытым (үлэҕэ ханна барытыгар баар буолара) хаһан да уура сылдьыбат буолара. Тута олус дохсуннук омос көрөргө киһи соһуйар гына кыыһырар буолара да, өр буолбакка уҕараан, налыччы үлэни-хамнаһы быһаарсар буолара. Дэлэҕэ да «Дьөгүөр чаанньыга дохсуннук кыынньар уонна түргэнник сойор»-диэхтэрэ дуо. Бииргэ үлэлиир дьонун олус харыстыыра, аһынар да буолара, дьэ, ол курдук этэ биһиги Дьөгүөрбүт.
Хомойорум баар, оройуон салалтата ситэ өйдөөбөккө, туруорсубакка кэмигэр совхозка суруксут да киһи суох буолан кини үһүс степеннээх «Һлэҕэ албан аат» орденын ылбатаҕар, үлэтэ баҕас эппиэттиирэ, дьиҥ-чахчы Үлэ геройа этэ.
Һөрэрим баар кини оҕолоро үтүө ыал-дьон буолан аҕаларын, эһэлэрин батан бары кэнчээри ыччаттара үлэни өрө туталларыттан, кини аатын киэн тутта ааттаталларыттан.
Е.П.Слепцов учуонай-агроном, Үлэ бэтэрээнэ, СР бочуоттаах землеустроителэ.
Сатабыллаах салайааччы этэ
Үлэ кыһыл знамята, Албан аат иккис, үһүс степеннээх орденнар, мэтээллэр, знактар хаһаайыннара. Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Егор Степанович Большаковтуун ыкса билсэрбит, табаарыстаһарбыт. Кини «Таатта» совхоз механига, мин тракторист идэлээх буолан үлэбит сүнньүнэн киниттэн үгүскэ үөрэммитим, кининэн киэн туттабын. Кэлин механизированнай звено тэриллибитин кэннэ сайынын мех. звенону салайбыта. Көрдөбүллээх, саталлаах салайааччы Егор Степанович звенота республикаҕа, оройуоҥҥа киэҥник биллибитэ. Оройуоҥҥа соц. куоталаһыыга хайаан да миэстэлэһэрэ. Звеноҕа 7 «Беларусь» трактор, 9 киһи үлэлиирэ. Звено отууга хоно сылдьан от үлэтэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри үлэлиирэ. Ардахха от күрүөтэ тутара. Звено Наммараҕа биир күн 62 тонна оту кэбиһэн рекорд олохтообута. Егор Степанович уолаттарын окко илдьэ сылдьара. Оҕолор от үрдүгэр тураллара. Ол кинилэр техникаҕа сысталларыгар төһүү ньыма буолбута. Онно үлэлээбит улахан уол Иннокентий (Гена) инженер-механик идэтин ылбыта. Билигин кэргэннээх, оҕолоох, сиэннээх, Москваҕа олорор. Иккис уол Руслан сварщик, кэргэннээх, 4 оҕолоох, сиэннэрдээх. Бу звено тэриллиэҕиттэн совхоз ыһыллыар дылы сайынын чилиэнинэн, кыһынын от-мас тиэйиитигэр үлэлээбитим.
Егор Степанович мөссүөнэ үгүс дьон өйүгэр-санаатыгар өрүү баарыгар эрэнэбин.
Ахтыыны оҥордо Алексей Романович Новгородов, үлэ бэтэрээнэ, кырдьаҕас механизатор.
Аҕабытынан киэн туттабыт
Аҕам сарсыарда эрдэ 5 чаастан үлэтин саҕалыыра. Мин кинини өйдүүр буолуохпуттан өлүөр диэри оннук этэ. Ханнык да балаһыанньаҕа үлэни төрүт хаалларбат, үлэ диэн баран муннукка ытаабыт киһи дииллэринии анаммыт үлэтигэр барытыгар киһи сөҕөр ураты дьүккүөрэ хаһан да умнуллубат гына оҕолоругар барыбытыгар өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр хаалбыта, билигин да сөхтөрөр, дьыллар да аасталлар өссө күүһүрэн ааспат эбит. Саныы сылдьыбыппын мин кыыһа саҕалаабатахпына ким да саҕалыа суох диэн санааттан аҕам үтүө аатын үйэтитиэхпин, үлэтин-хамнаһын билиҥҥи ыччакка билиһиннэриэхпин баҕаран кинигэ тахсарыгар баҕарбытым. 80 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар норуотугар, кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар хаалларар күндү бэлэхпит буолуо этэ.
Кыра оҕо сылдьан кырдьаҕас дьон «Харачаас уола», – дииллэрин истэрим. Сорохтор «Харачаастар оҕолоро маҥанчаас буолбуттар», – диэн дьээбэлэнэн этэллэрэ. Эһэбит Иннокентий Халгаев – Харачаас хара дьүһүннээх, бэйэтин кыанар сылгыһыт, булчут ааттааҕа эбитэ үһү. Мин аҕам төрүөн иннинэ 1928 сыллаахха саас Аммаҕа сылгыларын туората сылдьан ууга түһэн өлбүт.
Эбэбит Јлөөнө эмээхсин хойукка диэри сиэннэрин барытын оҕолоһон баран 1965 сыллаахха өлбүтэ.
Биһиги бииргэ төрөөбүт аҕыспыт. Аҕабыт соҕотох бэйэтэ элбэх оҕолооҕуттан үөрэрэ. Оҕону дьээбэлээн таптыыр буолара. Оҕолорго оҕолор мусталлара. Кыһыннары, сайыннары куруук дьиэбитигэр элбэх оҕо мустан оонньуурбут. Бөдөҥ саҥатыттан оҕолор бастаан толлоллоро, онтон төрүт мөхпөтүн билэннэр сороҕор тэҥҥэ оонньоон ылар да буолаллара, табаарыстаһаллара. Аҕабыт биһиги өйдүөхпүтүттэн биир сөбүлээн ыллыыр ырыалааҕа. «…Үчүгэй мин дойдум күөх сааһа, күөҕүнэн чэлгийбит алааһа», – диэн тыллардаах этэ. Көнньүөрбүт кэмигэр, улаханнык үөрдэҕинэ ол ыатын доргуччу ыллыыра.
Сарсыарда үлэ чааһын инниттэн станцияҕа үлэлии баран иһэр механизатордар биһиги дьиэбитигэр мусталлара. Үлэлэрин сүбэлэһэллэрэ, хаадьылаһан аҕабыт күлэн сатарытар куолаһа дьиэ иһин ылан кэбиһэрэ. Телефоннаах этибит, сарсыардаттан чоргуйара, ким наадыйар телефоннаһара. Онтон элбэх баҕайы киһи дьиэттэн тахсан аргыстаһан үлэлии бараллара. Эбиэт да кэмигэр эмиэ оннук кэлэллэрэ. Ол бары аҕабыттан тугу эрэ ыйыта, сүбэлэтэ кэлэллэр этэ. Арыт түүннэри телефоннаан да араас көмөҕө ыҥыраллара. Ханна эрэ техника батыллыбыт, алдьаммыт буоллаҕына ыҥыран көмөлөһүннэрэллэрэ, аҕабыт барытыгар баран иһэрэ. Куруутун элбэх табаарыстардаах буолара. Аара моһуоҕурбут техникалаах айанньыттары, ол иһигэр элбэх нууччаны аҕалан хоннортуур этэ. Оҕолорго араас кэһии-кэмпиэт, оонньуур, сувенир биэрэллэрэ. Сонуну көрөммүт наһаа үөрэрбит. Сайын от үлэтигэр тэринэн хас да ыйга көһөн бараллара, толооҥҥо хоно сылдьан оттууллара. Биирдэ эмэ наадаҕа ыксал-тиэтэл бөҕөнөн кэлэн барара. Уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн окко илдьэ сылдьыбыта. Улахан уол Иннокентий үһүс кылаастан оттоспутум диир. От звенотугар 1969 сылтан Иннокентий, Руслан ахсыһы, сэттиһи бүтэрэн баран оттообуттара. Ол курдук 6 уолун бэйэтин кытта бурдукка үлэлэппитэ. 1968 сыллаахха үчүгэй үлэтин иһин Одессаҕа, Москваҕа сынньанан кэлбитэ. Ол барарыгар элбэх киһиттэн сакаас сурунан харчыларын илдьэ баран барытын аҕалан үллэртээбитэ, дьон махталын ылбыта. Ону таһынан биһиэхэ барыбытыгар, ийэбитигэр платьетыгар тиийэ аҕалбыта. Сөрүү-сөп платьелары кэтэн үөрбүппүт-көппүппүт аҕай. Хайдах ону барытан атыылаһан, булан-талан аҕалбытын билигин сөҕөбүн. Оройуоҥҥа да бардаҕына наар кэһиилээх кэлэрэ, үксүн кинигэ атыылаһан аҕалара.
Коммунист буолан анал үлэтин таһынан араас общественнай үлэҕэ бастыҥ кыттааччы, иилээччи-саҕалааччы буолара. Итиэннэ дьиэтин-уотун үлэтин эмиэ кыайа тутара. Улахан уол Иннокентий 1978 сыллаахха күһүн Москваҕа сыбаайбалаабыта. Онно оҕолортон мин уонна Руслан барсыбыппыт. Оҕолорун олохторун оҥостоллоругар ийэбинээн ис-сүрэхтэриттэн кыһаллан көмө буолаллара. Һлэҕэ уһуйбут табаарыстарын көмөлүннэрэн оҕолорун дьиэлэрин, атын да тутуулары барытын тутуспута. Барыбытын сүөһүнэн-аһынан тэрийбиттэрэ.
1983 сыллаахха үлэлии сылдьан аҥар атаҕын тымыра кыараан, утуйар буолан ыалдьан куоракка балыыһаҕа сыппыта. Куорат быраастара атаҕын оспот диэн быһаары гыммыттар. Ону нейрохирург Василий Кириллович Сабарайкин Москваҕа эпэрээсийэҕэ ыытарга туруорсубута уонна барарыгар улахан көмө буолбута. Онон атахтаах хаалбыта. Оччолорго Иннокентий уонна Петр Москваҕа кэргэннээх, оҕолоох олороллоро. Москваҕа икки сиэннээх кэмэ этэ. Аҕабыт атахтанан кэлэн үөрүүнэн үлэлээбитинэн барбыта. Хаһан да ыарыйдым диэн айгыстыбат, кэпсээбэт этэ. Сүрэҕэ да ыалдьарын биллэрбэт буолара. Ийэбит барахсан аҕабыт төһүү үлэһит буоларыгар үтүөтэ үгүс буоллаҕа. Кини аҕам туох баар наҕараадаларын, орденнарын харыстаан уура сылдьыбытын миэхэ хаалларбыта.
Аҕам бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран үлэтин илиититтэн араарбакка, атаҕар сүүрэ сылдьан 65 сааһыгар утуйа сытан эмискэ сүрэҕэ тохтообута. Аҕабытын дириӨник убаастыыр, таптыыр хас биирдии бэйэбит олохпутугар улахан суолталаах, эркин курдук эрэнэр киһибит хаһан да өлүө диэбэккэ сырыттахпытына эмискэ олохтон туораан барыбытыгар охсуута, хомолтото, аһыыта улахан этэ. Аҕабыт олорон ааспыт чаҕылхай олоҕун дьон-сэргэ уос номоҕо оҥостон күн бүгүн истиҥ тылынан ахтар. Кини бэйэтин кэнниттэн аатын ааттатар 8 оҕоломмута, 24 сиэннэммитэ, билигин 10 хос сиэннээх.
Улахан оҕото Иннокентий Москваҕа машиностроительнай институту бүтэрэн транспортнай тэрилтэҕэ инженер-механигынан 1989-1993 сс. үлэлээбитэ. Тэрилтэтигэр партия сэкэрэтээринэн талыллан үлэлээбитэ. Билигин чааһынай предприниматель, Ольга Ростиславовна диэн кэргэннээх, 1 кыыс оҕолоохтор, 1 уол сиэннээхтэр.
Кыыстара Анна Иннокентьевна английскай оскуоланы бүтэрбитэ. Онтон Москваҕа финансово-экономическай институту бүтэрэн чааһынай фирмаҕа финансовай аналитигынан үлэлиир. Итиэннэ английскай тылбааһынан дьарыктанар. Даниил диэн кэргэннээх, 1 уол оҕолоохтор.
Иккис уол Руслан сварщик, суоппар идэлээх. Билигин «Кэскил» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ сварщигынан, комбайнерунан үлэлиир. Изабелла Константиновна диэн кэргэннээх, 4 оҕолоохтор.
Егор Русланович Дьокуускайдааҕы индустриальнай педагогическай колледжы бүтэрэн техник-механик идэлээх. Ытык Күөлгэ «Россельхозбанк» суоппара. Ариша диэн кэргэннээх, 2 оҕолоохтор.
Елена Руслановна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар бухгалтер салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэр. Амма улууһугар маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлиир.
Анфиса Руслановна Дьокуускайдааҕы техническэй сервис колледжын бүтэрэн модельер-конструктор идэтин баһылаан Ытык Күөл быткомбинатыгар үлэлиир, кыыс оҕолоох.
Руслан Русланович Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжыгар мастер-ювелир салаатыгар иккис курс устудьуона.
Үһүс уол Егор Егорович Большаков ОТМЭСХ 1979 сыллаахха бүтэрэн техник-механик идэтин ылбыта. Өлүөхүмэ оройуонугар Троицк совхозка инженер-механигынан 3 сыл үлэлээбитэ. Онтон Заречнай бөһүөлэгэр леспромхоз механигынан, завгарынан 8 сыл үлэлээбитэ. 1995 сыллаахха Чөркөөххө кэлэн олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар үлэһитинэн киирбитэ. Онтон «Харачаас» диэн потребительскай кооператив тэрийэн салайааччынан үлэлээбитэ. 2005 сыллаахха 50 сааһыгар өлбүтэ. Кэргэнэ Елена Николаевна, 4 оҕолоохтор.
Альбина Егоровна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Билигин тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар сүрүннүүр специалиһынан үлэлиир. Итиэннэ Илин Сибиирдээҕи государственнай сулууспа академиятын муниципальнай управление специальноһыгар кэтэхтэн салааҕа үһүс курс устудьуона.
Иван Егорович Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын Өлүөхүмэтээҕи филиалын бүтэрэн инженер-механик идэтин баһылаабыта. Уол оҕолоох.
Егор Егорович Дьокуускайдааҕы государственнай инженерно-техническэй институтка инженер-программист идэтигэр үөрэнэн билигин Дьокуускайга чааһынай фирмаҕа идэтинэн үлэлиир. Кэргэнэ Альберта, кыыс оҕолоохтор.
Анфиса Егоровна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар ветеринария факультетын иккис курсун устудьуона.
Төрдүс оҕо мин Людмила Егоровна Вырдылина Чөркөөх остолобуойугар кондитерынан үлэлээбитим. Билигин «Харачаас» потребительскай кооператив чилиэнэбин. Кэргэним Николай Николаевич Вырдылин, 2 уоллаахпын.
Уолум Афанасий Николаевич Хатаска олорор. Коррекционнай оскуолаҕа иитээччи-харабылынан үлэлиир. Кэргэнэ Миланна.
Иккис уол Николай Николаевич ТУСУР 2 дипломнаах бүтэрбитэ. Ол курдук, радио уонна телевидение техническэй инженерэ уонна информационнай технология менеджменэ анал идэлэрдээх. Билигин Дьокуускайга чааһынай предприниматель буолан 5 үлэһиттээх сотовай телефону өрөмүөннүүр тэрилтэлээх. Кэргэнэ Изабелла, уол оҕолоохтор.
Петр Егорович Большаков Москваҕа сварщик идэтин баһылаан тутууга үлэлээбитэ. Уол оҕолоох.
Максим Петрович Большаков Москваҕа олорор. Чааһынай предприниматель, маҕаһыыннаах. Кэргэнэ Юлия, уол оҕолоохтор.
Балтым Елена Егоровна Дыдаева Чурапчы Одьулуунугар олорор. Парикмахер идэлээх, билигин оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиир. Кэргэнэ Данил Дмитриевич Дыдаев, 5 кыыс оҕолоохтор.
Ульяна Даниловна Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжы бүтэрэн Чурапчы Кытаанаҕар английскай тыл учууталынан үлэлиир. СГУ английскай факультетын кэтэхтэн салааҕа төрдүс курсун устудьуона.
Аэлита Даниловна Яковлева Дьокуускайга саха-немецкэй оскуоланы бүтэрбитэ. Байкаллааҕы институт туризм менеджерэ идэтигэр иккис курс устудьуона. Кэргэнэ Айсен, кыыс оҕолоохтор.
Елена Даниловна тыа хаһаайыстыбатын техникумугар экономист-бухгалтер салаатыгар бастакы курс устудьуона.
Людмила Даниловна Одьулуун оскуолатын 6-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ.
Кыра кыыс Данилена Даниловна бастакы кылаас үөрэнээччитэ.
Сэттис оҕо Степан Егорович Большаков-тракторист идэлээх. Чөркөөххө пилорамщигынан, кыһынын олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар үлэлиир. Кэргэнэ Александра Ивановна, икки оҕолоохтор.
Степанида Степановна Тааттатааҕы гимназия техническэй отделениетын тохсус кылааһын үөрэнээччитэ.
Егор Степанович Чөркөөх оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччитэ.
Ахсыс оҕо Алексей Егорович Большаков «Харачаас» потребительскай кооператив салайааччыта. Кэргэнэ Мария Дмитриевна, биэс оҕолоохтор.
Алексей Алексеевич СГУ физкультурнай отделениетын иккис курсун устудьуона. Кэргэнэ Евдокия, уол оҕолоохтор.
Дмитрий Алексеевич СГУ физкультурнай отделениетын бастакы курсун устудьуона.
Вероника Алексеевна Чөркөөх оскуолатын уон биирис кылааһын үөрэнээччитэ.
Егор Алексеевич Чурапчытааҕы спортивнай интернат оскуола тохсус кылааһын үөрэнээччитэ.
Геннадий Алексеевич Чурапчытааҕы спортивнай интернат оскуола сэттис кылааһын үөрэнээччитэ.
Ахтыыны суруйда Егор Степанович Большаков кыыһа Людмила Вырдылина.