Перейти к содержанию

Чөркөөххө суорумньу киэһэтэ буолла.

Алексей Шеломов салайааччылаах “Кыталык” билсиһии кулууба үлэлээбитэ 15 сылынан муус устар 13 күнүгэр Чөркөөххө “Сүрэххинэн сөбүлэһэн, хараххынан хайҕаһан” суорумньу дьоро киэһэтэ тэрилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан суорумньуһуттар кэлэн дьоро киэһэ тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Ньурбаттан Сэргэ кыыһа Тускулаана, Уус Алдан Бороҕонуттан Людмила Бурцева – Күндүүнэ, Горнай Маҕараһыттан Альбина Султашева – Арчыына, Дьокуускайтан Маргарита Неустроева, Мэҥэ Хаҥалас Маттатыттан Александра Кычкина – Күөрэгэй.

Билсиһии киэһэтигэр араас улуустартан, Дьокуускай куораттан 40-тан үөһэ саастаах сулумах сылдьар 30-ча киһи кыттыыны ылла.

Тэрийээччилэр араас оонньуулары оонньотон, үҥкүүлэтэн кэлбит дьон билсиһэллэригэр күүс-көмө буоллулар.

“Кыталык” билсиһии кулуубун салайааччыта Алексей Михайлович Шеломов, ыытааччыта Любовь Николаевна Матаннанова, администратора Аграфена Саввична Егорова дьоро киэһэ үтүө түмүктэрдээх буолуоҕар эрэнэллэр.    

«Кыталык» билсиһии кулуубун салайааччыта Алексей Шеломов.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *