Перейти к содержанию

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө

Аҕа дойду сэриитигэр Улуу кыайыыны аҕалсыбыт, сырдык тыыннарын толук уурбут биир дойдулаахтарбыт кэриэстэригэр, Ветеран Сэбиэтин көҕүлээһининэн, олохтоох администрация тэрийэн Кыайыы 80 сылын көрсө 80 Үтүө дьыала акцията бүгүн алтынньы 2 күнүгэр буолла. Ол курдук Амматтан тыыннаах харыйалары аҕалан Кыайыы скверигэр сэрии кыттыылаахтарын оҕолоро, аймахтара күргүөмүнэн мустан олортулар. Хас биирдии харыйаҕа сэрии кыттыылааҕын аата суруллубут бирка …

Көмүс күһүн 2024

Бу ый 20 күнүгэр Чөркөөххө көмүс күһүн көрсө атыы — эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Олохтоох нэһилиэнньэ ордор аһыттан ону тэҥэ анаан астаан бэлэмнээбит кэнсиэрбэлэммит салааттары,, сибэккилэрин, сибэкки сиэмэлэрин, айылҕа эмтээх үүнээйилэрин, араас минньигэс бурдук астарын атыылаатылар. Р.С.Сабарайкина, В.Д.Аржакова, Т.Л.Жерготова, СН.Толстоуховаатыылара хамаҕатык атыыланнылар. Тэрээһин сүрүн күүһүн оскуола оҕолорун дьаарбаҥката ылла. Атыылыыр прилавоктарын киэргэтии, ас суорда элбэҕэр күрэхтэстилэр. …

Василий Никитич Протодьяконов 90 сыллаах үбүлүөйэ.

Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай биэриэмийэ лауреата, саха литературатын чинчийээччи, кириитик, учууталлар учууталлара, Таатта улууһун ытык киһитэ Василий Никитич Протодьяконов 90 сылын туолар үбүлүөйдээх күнэ. Устуулары, биэриилэри көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Чөркөөххө ыаҕыйа тигиитигэр 3 күннээх маастар кылаас буолла.

Маастар кылаас кыттыылаахтара бастакы күн ыаҕыйа тигэр ситиини хатарга үөрэннилэр . Иккилии-үстүү салаанан эбэн ньилбэктэригэр хаттылар, сабынан туймуулаатылар. Синньигэс ситиини хатар олус уустук уонна бытаан үлэ буолан биир күн толору онно ананна. Иккис күҥҥэ туос хастаатылар уонна талах быһан иэхтилэр. Билигин туос хастанар кэмэ тосхойон турар буолан сүрдээх кэбэҕэстик кэлэр. Ол эрэн, көнө, мутуга суох …

Чөркөөх иистэнньэҥнэригэр махтанабыт.

Ыһыаҕы уонна Манчаары оонньууларын көрсө түөлбэ олохтоохторугар уоннуу устуука олбох тигэллэригэр акция биллэрбиппит. Акция түмүгүнэн 40 олбох тигилиннэ. Бары кыттыбыт уран тарбахтаах иистэнньэҥ далбар хотуттарга уонна түөлбэ салайааччыларыгар махталбытын тиэрдэбит. Олбох тикпит далбар хотуттар: Илин түөлбэ (10 олбох). Таатта түөлбэ (10 олбох). Уйгу түөлбэ (5 олбох) Акыйа түөлбэ (10 олбох) Сардаҥа түөлбэ (5 олбох).

Чөркөөх ыһыаҕар оһуохай уонна саха таҥаһын күрэстэрин түмүгэ.

Чөркөөх ыһыаҕар түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Күн оһуохайын оройуттан тутан” конкурс түмүгэ.   Кылаан кыайыылаах – Михаил Прохоров (Илин түөлбэ). 10 000 солкуобай уу харчынан бирииһи туруорда өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай ассоциациятын салайааччыта Александр Джурович Данилов.   “Эрчимнээх этээччи” анал аат – Степан Андреев (Уйгу-Быйаҥ түөлбэ) – 5000 “Дорҕоонноох оһуохайдьыт” анал аат – Адаида Егорова (Акыйа түөлбэ) – …

Бэс ыйын 12-13 күннэригэр ыытыллыбыт “Айыы алгыстаах төлкөлөөх түһүлгэ” Чөркөөх ыһыаҕар күүс-көмө буолбут дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Көһөҥө Бүөтүр кыыһа Розалия Петровна, күтүөтэ Трофим Романович Докторовтар уонна кинилэр оҕолоро. Көһөҥө Бүөтүр уола Виталий Петрович Решетников кэргэнэ Варвара Федоровна Решетникова уонна кини оҕолоро. Көһөҥө Бүөтүр уола Геннадий Петрович Решетников кэргэнэ Мария Афанасьевна Решетникова уонна кинилэр оҕолоро. Көһөҥө Бүөтүр балтын Татьяна Егоровна уола Борис Николаевич Бехтюев дьиэ кэргэнэ, кийииттэрэ Полина Романовна Көһөҥө Бүөтүр эдьиийин …

“Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ.  

ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников – Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах “Көһөҥө Бүөтүр алгыһынан олоҥхо дойдута кэрэ олохтоннун” олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэстэрин түмүгэ.   Биирдиилээн. Кылаан кыайыылаах – Афанасий Попов (40 000 солк.), Таатта, Дьохсоҕон. 1 үрдэл — Дьячковскай Николай (20 000 солк), Чурапчы. 2 үрдэл — Лазарева Сусанна (15 …